
Назаров Афанасий Семенович (1912 — 1976)
Хос хос эһэм Афанасий Семенович Назаров уоттаах сэриигэ сылдьыбыта. Кини Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Куоллараҕа 1912 с. төрөөбүт. “Ким да умнуллубатын” диэн кинигэҕэ сэрии бэтэрээннэрин ахтыытыгар биһиги эһэбит киирбит. Сэриигэ барыан иннинэ “Чэрдээхтэн” саҕалаан Аржаков аатынан, онтон “Комбайн” колхуостарга хонуу үлэтигэр, кэлин кыладыапсыгынан үлэлээбит.
Сэриигэ 1941 с. маҥнайгы хомуурга барар. Иваново диэн дэриэбинэни ылыыга хаҥас атаҕын сототунан быһа ыттарар. 1942 с. күһүн мас атахтаах эргиллибитэ. Хаҥас санныгар эмиэ араанньалаах этэ. Хорсун сэрииһит Албан аат III истиэпэнэ уордьаннаҕа, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллээҕэ.
Сэрииттэн эрдэ эргиллибит саллаат колхуоһугар төһүү үлэһит буолбута. Тыылга тэҥҥэ үлэлэспитэ 1947 с. Сталин төбөлөөх мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
Аянитова Дария Николаевнаны кэргэн ылан 8 оҕолоноллор. Оҕолорун оскуолаҕа үөрэттэрээри Бүтэйдээх бөһүөлэгэр көһөн киирэллэр. Эһэм дэриэбинэҕэ маҥнай утаа балыыһаҕа завхоһунан, онтон оһох оттооччунан, куонньугунан үлэлээбитэ. 10-ча оһох маһын бэйэтэ бэлэмнээн оттуу манан аҕай чэпчэки дьыала буолбатах этэ. Сайынын аны балыыһа икки атыгар анаан Куоллара төбөтүгэр тахсан оттуура. Кэлин оскуолаҕа көһөн аны 16 оһоҕу оттооччу буолбута. Хата уолаттара улаатан көмөлөһөн кыайаахтыыра. Хос хос эһэм оһох оттооччу буолан бэйэтэ өрөмүөннэнэн устунан баар суох нэһилиэк биллэр улахан оһохчута буолбута. Кэргэнэ Даайалыын тэбис-тэҥҥэ үлэлээн бөдөҥсүйэр бөһүөлэк оһохторун барытын кэриэтэ оҥорбуттара. Кирпииччэлэрин сайынын бэйэлэрэ үктээн оһоҕу туталлара. Бочуоттаах сынньалаҥҥа оскуолаттан 1963 с. тахсыбыта. Ити курдук үлэлээн-хамсаан 8 оҕотун улаатыннаран, суолларын төрдүн булларан баран 1976 с. үлэлээбит балыыһатыгар үчүгэйдик көрүллэн өлбүтэ.
Хос хос эһээм Натааһа диэн кыыһа мин хос эбэм буолар. Хос эбэм Сатаҕайга ыал буолан 5 оҕону төрөппүт. Онтон үһүс оҕонон мин эһэм Александр Егорович төрөөбүтэ. Бу ахтыыны суруйарбар кинигэттэн, чугас аймахтартан ыйыталаһан элбэ5и биллим, Улуу сэрии ыар кэмнэрин биһиги норуотка элбэх ыарахаттары аҕалбытын. Хос хос эһэбинэн киэҥ туттабын, махтанабын. Кыайыы туһугар биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит элбэх эрэйи, ыарахаттары көрсөн, күүстээх санаалаах түмсүүлээх буолан кыайдахтара. Маннык ахтыы үйэлэргэ хаалыаҕа. Ким да умнуллубат,туох да умнуллубат!
С. Артемьев, 7 кылаас