
Митина (Саввина) Ирина Никифоровна 1924 г.р.
Мин хос эбээм Митина (Саввина) Ирина Никифоровна Чакыр нэһилиэгэр 1924 сыллаахха балаҕан ыйын 20 күнүгэр төрөөбүт. Элбэх оҕо эрдэ аҕата суох тулаайах хааланнар, тарҕаһан, аймахтарыгар сыстан иитиллибиттэр. Ол кырыымчык кэмнэргэ үөрэнэр кыаҕа суох буолан, кини 3 кылааһы бүтэрэн баран, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан Яковлев аатынан холкуоска улэлии киирбит. Онно ыһыы, хомуур үлэтигэр оҕус сиэтээччинэн үлэтин саҕалаабыт. Сут-кураан сылларга ыанньыксыттаан, сэрии буолбут сылларыгар кыладыапсыктаан, нэһилиэк олоҕор кырата суох кылаатын киллэрсибит. Кини ити үлэтин сыаналаан «1941-45 сс. А5а дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар.
1948 сыллаахха А5а Дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уhансан кэлбит Митин Федор Алексеевичтыын ыал буолбуттар уонна 5 о5олонон уhун дьоллоох оло5у олорбуттар.
Хос эбээбинэн олус киэн туттабын.
Э.Колодезникова, 9 «в» кылаас