Миронов Никифор Дмитриевич (1917 с.т.)

Мин хос эһэм Миронов Никифор Дмитриевич сэтинньи 7 күнүгэр 1917 сыллаахха Сунтаар улууһун Элгээйи сэлиэнньэтигэр төрөөбүт.

Кини Элгээйи совхозка тракториһынан, суоппарынан үлэлээбит. Никифор Дмитриевич үлэ, тыыл бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта этэ.

Хос эһэм сэрии кэмнэригэр хайдах үлэлээбитин туһунан «Туойдаах алаас» диэн нэһилиэк музейыгар баар ахтыытыгар суруйбут: «Мин, Миронов Никифор Дмитриевич сэрии буолуон эрэ иннинэ 1941 сыллаахха Элгээйи МТС-гар инженер-механик А.П.Охлопкова үөрэнэн газогенераторнай тракторга тракторист буолбутум. Ити сыл сааскы ыһыыга «Коминтерн» колхозка үлэбин саҕалаабытым. Сэрии саҕаламмытыгар хаста да фроҥҥа барарга сайабылыанньа суруйбутум даҕаны, тракторист идэлээх буолан ыыппатахтара. Сэрии кэмнэригэр олус кураан кэм буолбута. Халлаантан ардах түспэт этэ, уот баһаардар элбэхтик бараллара. Бэриллэр былааннары сыл аайы толорор этибит. Ол кэмҥэ үксүн кырдьаҕастар, дьахталлар үлэлииллэрэ. Биһиги фроҥҥа көмөлөһөөрү, кыайыыны уһансаары утуйары, сынньанары умнан туран түүннэри – күннэри үлэлиирбит…»

Миронов Н.Д. үлэлээбит В.И.Ленин уордьаннаах Элгээйи совхоз тэриллибитэ 60 сылын уонна хос эһэм 100 сааһын туолбутун бэлиэтиир ыһыахха 2017 сыллаахха сылдьыбытым.

 

Д. Туласынов