
Мартынова Ефросинья Алексеевна
Кыанарбытынан кыттыhарбыт
Ньурба оройуонугар 1926 сыллаахха төрөөбүтэ.1941 сыллаахха 5 кылааhы бүтэрбитэ.Ол сайын тракторнай бригадаҕа поварынан үлэлээбитэ.1942-1943сылларга,үөрэнэ-үөрэнэ уруок кэнниттэн,ол-бу үлэҕэ үлэлииллэрэ:бурдук баайыытыгар,молотилканан бурдук сыстарыытыгар эҥин.1943 сыллаахха,күhүн,Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ.Ас-таҥас олох кэмчи этэ.Кыhын ыалдьан,дойдутугар төннөн кэлбитэ уонна Араҥастаах детдомугар бухгалтерынан,онтон Омолдооҥҥо налоговай агенынан үлэлээбитэ.1945 сыллаахха колхозка кладовщик үлэтигэр анаабыта.1947 сыллаахха кэргэн тахсан Ынахсыкка көhөн тахсыбыта уонна Мархатааҕы МТС-ка кассирынан үлэлээбитэ.1960 сылтан саҥа тэриллибит Маардааҕы СПТУ-га секретарь-машинистканан үлэлии киирбитэ.1980 сылга диэри манна старшай коменданынан,воспитателинэн үлэлиир.1976 сылтан пенсияҕа олорор.
Ийэм өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иhин СПТУ Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ,Үлэ бэтэрээнэ диэн медаллаах.
Эбээбит Ефросинья Алексеевна сурдээх азартаах сир асчыт этэ. Хайаан да сирин таба тайанан биирдэ да кураанах иьиттээх кэлбитин ейдеебеппут. Аны сири билэрэ, элбэх да буолан сарсыарда эрдэттэн хомунан барарбыт, ол барсыбыт дьон онойорун бары толорон кэлэрэ. Чэйдии олорон:»Эьиги онон киирэн керун, эьиги ити диэкинэн эргийэн керун. Дьоннутуттан ыраатыман, киьи ынырдагына эппиэттиир буоллун» диэн уерэтэрэ, ыйара-кэрдэрэ.
Сайын сиэннэрим дьонно инсэрэ сылдьыахтара диэн огуруот беге олордоллоро эьээбитин кытта. Ынах-суеьу, сибиинньэ, куурусса хойукка дылы тутан олорбута. От кэмигэр сиэннэрин илдьэ сылдьара. «Оголорум улаатан киэн сири тардан барар буолтар» диэн уерээхтиирэ. Кыьын ахсыыбытынан теье кыалларынан унтуу тигэрэ, эьээбит улларар этэ. Учугэйдик иистэнэр да баайар да этэ.
Аймахтарыгар сыьыана олус эйэгэс буолан буолуо, наар хоноьолоох, ыьыах Сагана тобус-толору киьи буолар этэ. Ол дьон аьа-уелэ барыта эбээ урдунэн буолара саарбага суох.
Билиннэ дылы кэьии гынан биэрэ барыанньатын, тэллэйин ахта-саныы кэпсииллэр.
Кинигэ аагарын себулуур этэ, улахан дьиэ библиотеката баара, дьиэ кэргэммит иьигэр кинигэ аахпат диэн киьи суох быьылаах, онно эбээбит оруола эмиэ суду буоллага.
Билигин санаатахха эрдэ да биьигиттэн барбыт эбит…
Доуобай, ыарыы обургу буулабатага буоллар эбээбит барахсан сиэннэрэ улаатан, уерэхтээх, улэьит дьон буолбуттарыттан теье эрэ уерээхтиэ этэ.
Эбээбитин билигин оголорбутугар кэпсиибит, кини туохха уерэппитин тириэрдэ сатыыбыт.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Егорова Валентина Васильевна – Ньурба улууһун, Маар нэһилиэгин “Алгыс” добровольческай түмсүү салайааччыта,
Автор: А.Павлова, 8 а кылаас үөрэнээччитэ