Марков Константин Михайлович (1931-2005)

Марков Константин Михайлович (1931-2005), Маркова Анна Петровна (1932-2001), мин эһээм уонна эбээм буолаллар. Мэнэ-Ханалас оройуонун Мөҥүрүөн нэһилиэгин олохтоохторо.

Сэрии кэмигэр миигин кытта саастыы дьон эбиттэр. Сэрии буолан уонна тулаайах хааланнар, иккиэн 4 кылаас эрэ үөрэхтээх этилэр. Ол да буолаар, тыылга улахан дьону кытта тэҥҥэ колхоз үлэтигэр үлэлээбиттэрэ. Эбээм сэриигэ сылдьар саллааттарга үтүлүк, кээнчэ тиксэн көмөлөһөрө. Эһээм сайын от үлэтигэр, кыһынын бултаһан көмөлөһөрө. Кэлин өр сылларга колхоз, совхоз бары күүс үлэтигэр үлэлээбиттэрэ. Оскуолаҕа өр сыл устата үлэлээн, пенсия5а тахсыбыттара. Иккиэн тыылга үлэлээбиттэрин иһин, Кыайыы 50, 60 сылларыгар анаммыт мэтээллээхтэр. Ону таһынан эбээм элбэх оҕолооҕун иһин эмиэ мэтээллээх, кини 8 оҕолоох. Мин эһээбинэн  уонна эбээбинэн киэн туттабын!

.

Маркова Анна Петровна (1932-2001)

 

 

А. Марков. 5в кылаас, МОБУ «Саха гимназия»