Марков Илья Иванович

 

Эһэм бииргэ төрөөбүттэриттэн үс уол Аҕа дойду улуу сэриитигэр Ийэ дойдуларын комүскээбиттэр. Мин, эһэм бииргэ төрөөбүт убайын, Марков Илья Иванович, туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Илья Иванович 1921 сыллаахха төрөөбүт. Сэриигэ ынырыллыан иннинэ милииссийэ үлэһитэ эбит. Ол иһин, убайынаан, Александрдыын (1916 с.т.) бастакы хомуурга, 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15, 18 күннэригэр сэриигэ ынырыллыбыттар. Илья үөрэхтээх буолан, артиллерия расчетун хамандыырынан фашист талабырдьыттарын утары сэриилэспит. Кини сэриилэспит сирдэринэн Сэбиэскэй аармыйа Аҕа дойду сэриитигэр историятын үөрэтиэххэ сөп. Сэрииттэн 1947 сыллаахха дойдутугар төннөн кэлбитэ. Эһэм убайа дойдутугар төннөн кэлбитигэр, биир дойдулаахтара, чиэстээн-бочуоттаан, ытыктаан-сүгүрүйэн, убаһалаах биэни бэлэх биэрбиттэр. Олохсуйан олорбут сирэ – Дьокуускай куорат. Тыыннааҕар уоллаах кыыс оҕолооҕо, 3 сиэннээх этэ. Сэриигэ ылбыт бааыырыылара, контузиялара дьайан 71 сааһыгар, 1992 сыллаахха күн сириттэн арахпыта.

Илья Иванович — старшай сержант. «Кыьыл сулус» уордьан, «Аҕа дойду сэриитэ» уордьан 1, 2, 3 ст.кавалера. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Кенигсбергы ылыы иьин», «Берлины ылыы иьин» мэтээллэринэн хорсун быһыыта, буойун килбиэннээх суола бэлиэтэммитэ.

Илья Иванович Марков, албан ааттаах буойун, толору олоҕу олорбута. Кини ситэри сиппэтэх ситиһиитин биһиги, кини сыдьааннара салҕыыбыт. Онтон туйгун үөрэхпит, көрсүө-сэмэй майгыбыт кинилэр албан ааттарын үрдэтэр, сырдык умнуллубат мөрсүөннүүр!

 

Автор: У.Баишева, 6 «б» кылаас уорэнээччитэ.