
Марфа Марковна Григорьева 1927 с
Эбээбит туьунан ахтыы.
Биһиги ийэбит, эбээбит, хос эбээбит Марфа Марковна Григорьева 1927 сыллаахха Ленинскэй оройуон II Ханалас нэьилиэгэр Кыьыл Сиэн диэн алааска кун сирин кербут. Тереппут а5ата Семенов Аким, тереппут ийэтэ Мотрена Спиридоновна Григорьева. Икки кэрэчээн кыргыттары о5олоноллор. Ыарахан кэм усулуобуйатыгар ыарытыйан а5алара эрдэ кун сириттэн курэммит. Ийэтэ иккистээн ыал буолан баран ессе икки о5олонор.
8-9 сааһыттан ийэтин кытта тэбис тэҥҥэ сылдьан улэлээн суоруна5а бурдук тардан, уу баьан, ынах ыаьан кемелеспут. Сэрии кэминээ5и сыллар бары ыарахаттарын оҕотук чараас санныгар сүгэн тоҥууну — хатыыны, аччыктааһын эрэйин – кыһалҕатын бары муҥун — сорун этинэн — хаанынан билбитэ.
Оччотооҕу кэм ирдэбилинэн, 11 сааьыттан холкуоска араас үлэҕэ көмөлөһөн үлэлээбит. Ол курдук кыьын бурдук молотилкатыгар ат уурээччинэн улэлээбит. Саас олунньу ый бутууттэн ойуурга тахсан синньигэс титириктэри сугэнэн бысталаан бурдук бааьынатыгар сиик туттараары тонуу хаары кэьэ сылдьан хаарга батары анньыталыыр. О5уьунан ноьуом тиэйээьиннэ, сааскы бурдук ыьыытыгар, ол кэннэ паардааьынна сылдьбытын кэпсиирэ. Сааскы ыьыы , паардааьын улэтэ буттэ5инэ, Чэкэ, Ииктээх, Туора бааьыналарыгар хортуоска олордооьуна са5аланара. Сайынын хортуоска5а уу куталлар, буорун кебутэллэр.
Уоттаах улуу сэрии саҕаланыытыгар 14 эрэ саастаах эбит. Суостаах — содуллаах сэрии кэмигэр саҥардыы тыллан эрэр оҕо аҕам саастаах дьону кытта тэбис — тэҥҥэ «Барыта фронт туһугар! Барыта Кыайыы туһугар!» ыҥырыынан сайынын от үлэтигэр, сааһын бурдук ыьыытыгар, хомуйуутугар, күһүн хомуур, ферма үлэлэригэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспитин кэпсиирэ.
Уодаһыннаах сэрии ааһан, эйэлээх олох эргийбит кэмигэр 1953 сыллаахха эьээбитин Григорьев Василий Федотовиьы керсен ыал буолан , 5 о5о теретен, туерт уонтан тахса сыл бииргэ олорбуттара. «Марха» сопхуоска ер сылларга ыанньыксыттаан, утуе суобастаахтык улэлээн пенсия5а тахсыбыта. Биһиги ийэбит, эбээбит, хос эбээбит сэрии кэмигэр күүһэ баарынан үлэлээн, кыайыыны уһансыбыта диэн киэн туттабыт. Ону туоһулуур «Медаль Материнства II степени» мэтээлинэн 1970 сыллаахха, «Тыылга 1941-1945сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн 1992 сыллаахха, «Тыыл бэтэрээнэ» мэтээлинэн 1995 сыллаахха, «1941-1945сс. А5а Дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 60 сылынан» мэтээлинэн 2005 сыллаахха, «1941-1945сс. А5а Дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 65 сылынан» мэтээлинэн 2010 сыллаахха, «1941-1945сс. А5а Дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 70 сылынан» мэтээлинэн 2015 сыллаахха, «Марха» сопхуос бочуоттаах бэтэрээнэ» мэтээлинэн 2017 сыллаахха наҕараадаламмыта. Ньурба улууьун Дьаархан нэьилиэгин бочуоттаах олохтоо5о. Эбээбит 92 сааьыгар 2019 сыллааха бу олохтон туораабыта. Билигин кини олоҕун сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ сал5ыы туруохтара. Күндү ийэбит, эбээбит, хос эбээбит олорбут олоҕун, кэнэҕэски ыччаттара умнуохтара суоҕа.
Автор: А.Попова 1б кыл.