Максимова Варвара Николаевна (1931- 2008)

Мин хос эбэм Максииова Варвара Николаевна кулун тутар ый 21 күнүгэр 1931 сыллаахха Горнай оройуонун Кировскай нэһилиэгэр Хоту Алаас диэн сиргэ төрөөбүтэ. Дьонноро кыанан эрэ олорор колхозтаах ыал этилэр. Бииргэ төрөөбүт 5 оҕоттон 2 оҕо сэрии сылларыгар өлбүттэр. Сэрии сылларыгар эр дьон үксэ сэриигэ баран ыарахан кэмнэр саҕаламмыттар. Мин хос эбэбин, балтын кытта Бор детдомугар үөрэттэрэ ыыппыттар. Бор детдомугар хос эбээм үөрэҕин бүтэриэр диэри иитиллибит диэн эбээм кэпсээбитэ. Детдомтан кэлэн колхозка ыанньыксытынан үлэлээбит. Онтон кэлэн Александров Михаил Васильевичтыын ыал буолаллар. Эбээм 10 оҕону төрөтөн 1971 сыллаахха Герой Ийэ үрдүк аатын ылбыт. Бөһүөлэккэ кэлэн маслоцехха пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбит. Уон оҕотун барыларын улаатыннаран, үөрэхтээн үксүлэрэ төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытыгар  үлэлээбиттэр. Хос эбээм үтүө суобастаахтык өр сылларга   үлэлээбитин иһин 1981 сыллаахха «1941-1945с.с Аҕа Дойду Улуу сэриитин сылларыгар киллэрбит кылаатын иһин»- диэн мэдээлинэн наҕараадаламмыта. Хос эбээм 10 оҕону төрөтөн элбэх сиэннээх уонна хос сиэннээх 71 сааһыгар бу олохтон барбыта. Хос эбээм Максимова Варвара   Николаевна — үлэ ветерана, Аҕа дойду сэриитин сылларын оҕото, 10 оҕолоох Герой Ийэ.

Биһиги эбээбит , хос эбээбит аата ааттана сылдьыаҕа, хаһан да умнуохпут суоҕа.

 

К. Иннокентьев, 5в кылаас, МОБУ «Саха гимназия»