Макаров Николай Дмитриевич (1919-1975)

Мин хос эһээм Макаров Николай Дмитриевич ахсынньы 19 күнүгэр 1919 с. Кыһыл-Үрүйэ Антипиннар диэн дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕоннон күн сирин көрбүт.

Аҕата тоҕус сааһыгар өлбүтүн кэннэ эбээтэ иитэр. Эһээбит сэрии кэмигэр Ааллаахха таһаҕас таһыытыгар, Кыһыл-Үрүйэҕэ балыксыттар биригээдэлэригэр, о5уруокка биригэдьииринэн үлэлээбит. Сайын Өлүөнэ өрүс ойооһугар, күһүн хойукка диэри тымныы ууну кэһэ сылдьан муҥхалыыллара үһү, балыктарын мас уһаакка наардаан тууһаан ууралларын катерынан кэлэн ылан бараллар эбит. Ол курдук балыксыттар биригээдэлэригэр Хаандыгаҕа тиийэ үлэлээбит.

Хос эһээм нэһилиэккэ сэтээтэл этэ. Кини оһуохай таһааран, тойук туойан күрэхтэргэ кыттан ылбыт бириистэрэ билигин да бааллар.

Сэрии кэнниттэн оҕуруокка биригэдьииринэн улэлээбит. Хас да биригээдэни тэрийбит.  Саас эрдэттэн түбүк бөҕө буолан оҕурсу сиэмэтин улахан баахха араскы таттаран, ону рассадаҕа олордоллор, ол кэннэ хонууга олордоллор эбит. Сайын аайы оҕуруокка көһөн тиийэн күһүн хойукка дылы үлэлииллэр. Хаһыҥ түһээри кыннаҕына оҕуруот тулатыгар түптэ бөҕө түүн буруолаталлар эбит. Ону таһынан хос эһээм тигээйи иитиитинэн дьарыктаммыт.

Мин хос эһээм үлэ, тыыл бэтэрээнэ, “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг”, Саха АССР Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. “50 лет Октября” диэн  Бочуот кинигэтигэр кини аата киирбитэ.

1950 сыл тохсунньуга хос эбээбин кытары Александра Дмитриевналыын ыал буолан эйэ дэмнээхтик бииргэ 25 сыл олорбуттар, биэс оҕону төрөтөн, оҕолоро бары үөрэхтэнэн, ыал буолан, хас да сиэн, хос сиэн буолан Макаровтар дьиэ кэргэн дьоһуннаах олохторун эрэллээхтик салҕыыллар.

 

С. Макаров,  8 “а” кылаас үөрэнээччитэ.