
Майоров Николай Иванович (1922-1991 гг.)
Майоров Николай Иванович 1922 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр Бүлүү оройуонун Кыргыдай нэhилиэгэр дьаданы бааhынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини үлэтин Дьооху нэhилиэгэр «Түмсүү» колхозка са5алаабыта. 1943 сылга бэс ыйыгар Бүлүү куоратыгар военнай повестканы ылан комиссияҕа киирбитэ. Манна киирэн баран, Саха АССР ИДЬМ-тын 1943 сыллаах от ыйын 15 күннээх Прикаhынан Бүлүү оройуонун иhинээҕи ИДЬМ-гар рядовой милициянан; Орто-Бүлүү участок Участковай Уполномочнайынан; Начальнигынан бюро ИТР үлэлээбитэ. 1948 сыл тохсунньу ый 3 кунугэр үлэтиттэн уурайар олохтоох Советтар быыбардарыгар депутат буолбутунан сибээстээн. Онтон 1948 сыллаахха Дьооху нэhилиэгин Советын председателынан талыллан үлэлээбитэ.
Кини нагараадалара: «1941-1945 сс. А5а дойдуну кэмускуур улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иhин мэдээллээх, «1941-1945 сс. А5а дойдуну кэмүскүүр улуу сэриигэ Германияны Кыайыы иhин » мэдээллээх. «Кыайыы 20-30-40 сылларынан » юбилейнай мэдээллэрдээх. Ону таhынан — Почетная грамота Президиума Верховного Совета Якутской АССР от 1957 г.; Почетная грамота Министерство заготовок Союза ССР от 1956 г.
Автор: Э.Кириллин, 6а ЯГНГ.