МАХАРОВ ДМИТРИЙ МИХАЙЛОВИЧ
13.02. 1928 – 2019 гг
Халбакинский наслег Вилюйского района
Махаров Д.М. 1928 сыллаахха Булуу улууhугар Халбаакы нэhилиэгэр «Тыымпы» куолугэр торообутэ. Тороппуттэрэ колхозтаахтар, от иннигэр бытархай хаhаайыстыбанан олорбуттара. Колхозтааhын буолбутугар 1935 сыллаахха бу нэhилиэккэ «Молотов» аатынан колхозка киирбиттэрэ. Ийэлээх а5ата уорэхтэрэ суо5а. А5ата Махаров Михаил Прокопьевич, Ийэтэ Mapuя Степановна Мастаах Бала5аччыттан тороттээх этэ.
А5а Дойду Сэриитин сыллара о5о сааьын, 13-устээх эрдэ5инэ тубэспитэ.
1941 сылтан «Молотов» аатынан колхозка бастайааннай улэhитинэн киирбитэ. Сэрии са5аламмытыгар салгыы куоракка киирэн уорэнэр кыах суо5а. Колхозка икки кыhын Булууттэн Эдьигээннэ барар почта дьаамыгар улэлэппиттэрэ. Дьаамнар икки ардылара 30 км, онтон колунэр аттара анаара торуур биэлэр этилэр. Ол оннук, киниттэн биир сыл а5а уолу кытары улэлээбитэ. Колунэр аттарын учугэй туруктаах туттаран хай5анар этибит диэн кэпсирин ойдуубун.
1943 сыл тумугунэн колхозтаахтар уопсай мунньахтарынан А5абын завхоhунан талбыттара. Эдэр уол кытаанах, эппиэтинэстээх улэ5э тубэспитэ: ууммут бурдугу хомуйан, куhун хоно сылдьан молотыылкалыыра. Кинини куруутун бурдугу ыраастыыр бэйиэлкэ5э улэлэтэллэрэ. Фермэ5э арыылааммыт арыыны, сиэмэ бурдуктарын «Ахталиян» диэн бириистэнтэн икки костоох оруьу оночонон эрдэн Булуу куоракка киллэрэллэрэ. Киллэрэн оссо бурдугу ыраастаан, арыыларын хос оргутан туттарар этилэр. Сайыны быhа от улэтигэр, быыстала суох ханнык ба5арар кыаллыбат улэ5э аныыллара. Уон куннээх Стахановскай декадаларга от охсоро. Декада5а 1,10 — 1,20 та охсор уьу. Куруук сиир арыыннан приямияланарбын ойдуубун диэн кэпсиир буолара.
Сэрии ыарахан сылларын а5ам дьонноругар-сэргэлэригэр комолоьон, улэ бо5ону улэлээн, о5о саас уоруутун билбэккэ туораабыта.
1951-1954 сылларга сельсовет секретаря
1954-1957 сылларга магазинна продавец
Автор: Махаров Д