Лобанов Егор Петрович (1930-1985 гг.)

Ийэбинэн Хос Эһэм Лобанов Егор Петрович II туһунан ахтыы.

   Мин хос эһэм Лобанов Егор Петрович II (урут оҕо өлүүтэ элбэх буолан, абааһы сиэбэтин диэн биир ыалга хас да оҕо биир ааттаах буолара) муус устар 17 күнүгэр 1930 сыллаахха, Амма оройуонугар, Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Лобанов Петр Иванович Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо. Ийэтэ Лобанова Мария Гермогеновна ВОВ Аммам улууһун, Алтан нэһилиэгиттэн төрүттээҕэ, 1883-1951сс. Төрөппүттэрэ быстар дьадаҥы дьон эбиттэр. Аҕата 72 саастааҕар 1946 сыллаахха кыһын ахсынньы ыйга эмискэ ыалдьан өлбүт. Ийэтэ 1951 сыллаахха сайын от ыйыгар  уһуннук ыалдьан өлбүт. Кинилэр 9 оҕону төрөппүттэриттэн 5 кыыс, 4 уол эбиттэр. Ол курдук:

  1. Лобанова Пелагея Петровна
  2. Лобанова Февронья Петровна
  3. Тихонова (Лобанова) Мария Петровна
  4. Яковлева (Лобанова) Харитина Петровна
  5. Лобанов Дмитрий Петрович 1917с., ВОВ, 1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан сэриилэһэр фроҥҥа баран, Ленинграды көмүскүү сылдьан 02.1942с. сырдык тыына быстыбыт.
  6. Илларионова (Лобанова) Дария Петровна 1919с.
  7. Лобанов Никита Петрович 16.01.1921.с — 01.04.2010с., ветеран ВОВ награды: “ Отличный минометчик”; “Медаль Жукова”; “Орден отечественной войны II степени.
  8. Лобанов Егор Петрович I, 1924с – 1984с ВОВ
  9. Лобанов Егор Петрович II 04.1930-1985сс.

Дьоно Бөтүҥ нэһилиэгэр Хотуйа үрэххэ Дьооҕур диэн сиргэ олобуттар. 1921 сыллаахха гражданскай сэрии үгэннээн  турар кэмигэр  чугас ыаллара бары куттанан биэс – алта километрдаах сиргэ, сискэ тахсыбыттар. Хос Эһэм аҕатын ити кэмҥэ бандьыыттар тутан икки ыйы быһа сорун сордоон Оһохтоох  диэн сиргэ хаайан олорбуттар. Икки убайдарын ревкомнаабыккыт диэн буруйдаан ытыалаан өлөрбүттэр. Ийэм Маарыйа биэс кыра оҕолорун  кытары соҕотоҕун  хаалан олорон оҕоломмут . Чугас биир ыаллаахпыт Тимофеев Гаврил диэн киһи сэрииттэн куттанан күрээн Быыйааҕы диэн үрэххэ олорбут. Ол да буоллар дьоммор мастарын хайытан, таһынан сылдьан кыстаан, сүөһүтүн-аһын  көрөн биэрэн ийэбэр көмөлөспт эбит. Үтүө санаалаах дьон баар буолан аҕабын быыһаан ылбыттар .

Хос Эһэм Дьөгүөр оҕо сааһа  ыараханнык ааспыта. Дьоно кыаммат буоланнар кыһалҕаттан кинини кыра эрдэҕинэ, 4-5 сааһыгар  Павлов Артамон диэн кыра бытырыыс оҕолордоох ыалга иитиэх биэрэллэр. Онно кини оҕо көрөөччүнэн барар. Дьоно колхуоска үлэлиир кэмнэригэр кыра бэйэтэ оҕолору кытта бодьуустаһан күнүн  барыыра. Ол сылдьан дьиэ ис-тас үлэтин  эмиэ толороро. Туора дьон оҕото буолан куруук мөҕүллүүгэ сылдьара. Ол курдук, биир сайын арый улаханнарыттан кыра уол атах сыгынньах таһырдьа тахсан тоһоҕоҕо атаҕын тэһэ үктээн хаан буолан киирэн иһэригэр иитиэх ийэтэ түбэһэ түһэн улаханнык таһыллыбытын өйдүүрэ диэн кэпсээбитэ эбэм. Ол саҕана оскуолалара ыраах арыыга участокка эрэ баар буолан үлэттэн, оҕоттон ордон онно сатаан баран үөрэммэтэх.

1941 сыллаахха элбэх өлүүлээх – сүтүүлээх, сордоох кэмнэр саҕаланаллар. Үгүс эр дьон, эдэр уолаттар, кыргыттар фроҥҥа ыҥырыллан бараллар. Үгүстэрэ онно тыыннарын толук уурбуттара. Онно хос эһэм убайдара, эдьиийдэрэ эмиэ барбыттара. Онтон тыылга хаалбыт оҕонньоттор, эмээхситтэр, дьахталлар, оҕолор Кыайыы туһугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ.

Ол саҕана хос эһэм 13 эрэ саастаах уолчаан этэ. Кырдьаҕастыын эдэрдиин бары бурдук, хотон үлэтигэр барбыттара. Кураан дьыллар тураннар бурдук үүнүүтэ олус мөлтөҕө эбиитин аһыҥа ыспыта. Хос эһэм Дьөгүөр күһүнүн бурдукка түргэн буолан олорон көрбөккө түүтэх баайыытыгар, итигэстээһинигэр, кыһыҥҥы  бытарҕан тымныыларга “Гурий партизан” холкуоска хотоҥҥо, сайынын өҥүрүк куйааска тохтоон көрбөккө окко үлэлээбит. Аччыктааһын, кыһыннары-сайыннары ыарахан үлэҕэ баттаатан, тоҥуу-хатыы муҥун, аас–туор олоҕу эт-хаанынан билэн улааппыт буолан оҕолоругар, чугас дьонугар олус кыһамньылаах эбитэ үһү.

1951 сыллаахха хос эбэбин Мария Алексеевнаны 08.05.1928 сыл төрүөх, Бөтүҥ олохтоох кыыһын көрсөн ыал буолаллар. Амма таһыгар Промкомбинат диэн участокка көһөн кэлэн 30 сыл устата үрдүк көрдөрүүлээхтик пилорамщигынан үлэлииир. Сыанаҕа тахсан ыллыырын – туойарын, олоҥхолуурун сөбүлүүрэ эбитэ үһү. Кини ордук “Эрэйдээх Буруйдаах Эр Соҕотох” диэн олоҥхону толороро диэн ахталлар.

Сэттэ оҕоломмуттар:

  1. Лобанов Филипп Егорович I 06.1952 -02.06.1972с. “Орден Красной Звезды” (посмертно) 1972с. Южно-Сахалинск, село Стародубовск.
  2. Павлова (Лобанова) Марианна Егоровна 30.04.1954с. Ветеран Труда
  3. Юшкова (Лобанова) Валентина Егоровна 12.1956с. Ветеран Труда
  4. Лобанов Егор Егорович 10.01.1959с. Ветеран Труда
  5. Лобанов Петр Егорович 1961-1984сс.
  6. Лобанов Руслан Егорович 13.02.1967-2008сс.
  7. Лобанов Филипп Егорович II 03.1974-2006сс.

 

Авторы: С.И.Никитина, ученица 10 класса.
М.Е.Павлова, В.Е.Юшкова, Н.Н.Лобанова.