Колодезникова Февронья Петровна (1926-2008 сс.)

Мин ийэм өттүнэн хос эбэм Колодезникова Февронья Петровна (1926-2008 сс.) туhунан ахтыы. Мин эбээм кэпсээниттэн…

Хос эбэм Колодезникова Февронья Петровна сэрии саҕана оҕо сааһыттан үлэлээбитин туһунан. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 7-с оҕонон Алексеевскай оройуонугар (Тааттинский), Уус-Тааттаҕа төрөөбүт. Кини 10 саастааҕар Аҕа дойду сэриит эсаҕаламмыт. Нүһэр ыарахан аччык кэмнэргэ, үгүс аҕа, убай сэриигэ барбыттарын кэннэ, араас ыарахан колхоз үлэтигэр үксүгэр оҕо аймах үлэлээбит.

Сайыҥҥ ыкэмҥэ от оттооһун, бурдук ыһыыта, күһүн ол бурдук хомуйуута. Кыстык кэмигэр уопсай колхоз сүөһүтүн көрүүгэ, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэр эбит.

Киин бөһүөлэктэн ыраах 8 биэрэстэлээх сиргэ олорбуттар, онтон сылдьан 9 кылаастаах оскуолаҕа үөрэммиттэр. Эбээ ыалдьар буолан 7 кылааһынан үөрэнэн бүппүт, көҥүл илии баттыыр буолан, 3/4 ыалы кэрийэн илииб аттыырга үөрэппит. Сэрии бүппүт сураҕын хойуутаан истибиттэр. 1944-1945 сылларга, бу кэмҥэ төрөппүттэрэ бааллар. Улахан убайа сэрииттэн эргиллибэтэх.

1948 с.ыарахан кэмҥэ үлэлээбит сыраларын Сталин мэтээлин сайын от үлэтин кэмигэр туттарбыттар. Кэлин даҕаны үлэ, чэпчэки үлэ диэн суоҕа, эр дьону кытта тэҥҥэ баржанан кэлэр ас-таҥас сүөкэһэн, складка үлэлээн, Холбос үлэһитэ буолан үлэлээн, 1987 сылга диэри колхоз, совхоз үлэһитэ. 4 оҕону төрөтөн, үлэттэн тэйбэтэх, 21 сааһыгар огдообо хаалан, сыала соруга оҕолорун дьон оҥоруу. Кыайыы 60 с. Үбүлүөйүн көрсүбүтэ Россия президениттэн наҕараадалаах. Кыайыы 65 сылын бэлиэ күнүгэр наҕараадалаах, элбэх үлэнэн оҕо сааһыттан үлэлээбит түмүктэрэ үтүө бэлиэлээхтэр.

 

 

Автор: А.Макаров 5 «В»