Колодезников Иван Петрович тохсунньу 16 күнэ 1932 сыл

Колодезников Иван Петрович, 1932 сыл тохсунньу 16 күнүгэр 1Байаҕантай нэһилиэгэр 6 оҕоттон соҕотох уол оҕо буолан төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим эрдэ өлөннөр  эһэлээх, эбэм иитиитигэр хаалабыт. Сэрии сылларыгар уончалаах уол эдьиийдэрбинээн сайынын колхуоска улэлэһэн, нуорма бурдукка тиксэн, эһээбитин кытта эрдэһэн олорбуппут. Эһээбит баар, кини улэни кыайар ыһыы оҕонньор буолан тыыннаах хаалбыппыт.

1948 сыллаахха Танда сэттэ кылаастаах  оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, эһэм оҕонньор сүбэтинэн, ити сыл Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэххэ киирбитим. Түөрт сылынан агроном идэлэнэн дойдубар тахсыбытым. Улэбин бастаан Бороҕон МТС-гар   саҕалаабытым. Онтон 1952 сылтан Сыырдаахха «Победа», Бэйдиҥэҕэ Мичурин аатынан, Курбуһахха Микоян уонна Буденнай ааттарынан колхуостарга агрономнаабытым. Бу улэлиир кэмнэрбэр Өнөртөн төрүттээх Сыырдаахха эргиэҥҥэ үлэлии сылдьар Оллонова Варвара Яковлевналыын ыал буолабыт. 1955 сыллаахха бастакы оҕобутун төрөтөн баран Лөгөй нэһилиэгэр көһөн кэлэбит. Аан бастаан Даалыга биригэдьииринэн 1956-1960 сылга диэри, 1960-1966 с.с. Кэптэнигэ агрономунан, 1966-1970 с.с. Тулунаҕа эмиэ биригэдьииринэн, 1971 сылтан Партизан Заболоцкай аатынан колхуоска профком председателинэн, 1972 сылтан колхуоска, совхозка экономиһынан, совхоз солбуйар директорынан, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар суоччутунан үлэлээбитим. Онтон 1982-1987 сс. пенсияҕа тахсыахпар дылы Уһун-Күөлгэ управляющайдаабытым.

Ити курдук мин Лөгөй сирин иккис дойду оҥостон,  сөбүлээн олохсуйан билигин сиэммин, хос сиэннэрбин кытары олоробун.

Колодезниковтар уустарын тэнитиэхтээх соҕотох уол  билигин 4 оҕолоохпун, 14 сиэннээхпин, 24 хос сиэннээхпин.

Колодезников Иван Петрович- 1932-2023 Тыыл, улэ бэтэрээнэ, Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Уус-Алдан улууһун, Лөгөй уонна 1 Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.

Автор: А. Молонова, 3 класс.