Колесова (Герасимова) Анна Софроновна (1929 г.р.)

 

Мин хос эбээм – Ветеран тыла

Мин хос эбээм — Колесова (Герасимова) Анна Софроновна, 1929 сыллаахха Мэнэ – Хаҥалас, Хорообут — Эбэ Сайылыгар Гсрасимовтар дьиэ кэргэннэригэр 9-с оҕонон төрөөбүт. Эбээм бэйэтэ кэпсээн хаалларбыт ахтыытын сурукка киллэрдим.

Эбэм кэпсиир: Мас Булгунньах 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Оскуола кэмигэр Орто Күөлгэ олорон үөрэнэрбит. Кыhынын тымныы ыйдарга оскуолаҕа чугаhаан Хоhуоччук өтөҕөр дьуккаах олорор этибит. Мин кыра эдьиийбинээн Шуралыын оскуолаҕа сылдьар этибит, 7-с кылааhы бүтэрэр сылыгар эдьиийим ыалдьан өлбүтэ. Эдьиийим Дьэбдьиэй уонна убайдарым Кэлтэгэй Сыырдаахха үөрэммиттэрэ. 1941 сыллаахха 3-c кылааhы бүтэрбитим, салгыы үөрэммэтэҕим. Бииргэ төрөөбүт убайдарым Хабырыыс, Сэмэн, Ньукулай, Бүөтүр, Көстөкүүн. Эдьиийдэрим Дьэбдьиэй, Ылдьаана, Шура.

Сэрии буолбутугар икки кыра убайдарым армияҕа барбыттара. Кыра уол Көстөкүүн 18-н туолаат сэрии бастакы күннэригэр барбыта. Бүөтүр тракторист этэ, иккис кини барбыта. Ньукулай куоракка балыыhаҕа сытар этэ. Сэмэн 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта. Бүөтурдээх Көстөкүүн сэриигэ өлбуттэрэ. Сэмэн араанньы буолан 1944 сыллаахха кэлбитэ. Хабырыыс армияҕа баран үлэҕэ сыддьан, сэрии бүппүтүн кэннэ, хойут кэлбитэ. Аҕабыт уонна улахан эдьиийбит Ылдьаана сэрии быдан иннинэ өлбүттэрэ.

Сэрии кэмигэр ийэбинээн уонна эдьиийбинээн Дьэбдьиэйдиин үhүөн олорбуппут. Эдьиийим кыра оҕолоох, ол да буоллар фермата доярка этэ. Ийэбит кырдьаҕас, сиэнин көрөн олорор. Икки санаспынаан, бары бииргэ тутуhан, кыhынын Орто Күөлгэ, сайынын Эбэ Сайылыкка олорбуппут. Аҕыстайга, өтөөххө ферманы батыhан эмиэ олоро сылдьыбыппыт. Уулаах ферматыгар элбэх буолан субай сүөhү көрбүппүт. Саас ыhыыга суханан сир тиэрэргэ оҕус сиэтээччинэн суха тутааччынан үлэлиирим. Сайын от үлэтигэр Колосова Үлүксөөскэ бугул тугэҕэ харбыыр этим, сайын аайы. От үлэтин кэннитгэн бурдукка үлэлии барар этибит. Бэhиэ буолан «Кыhыл Сулус» кыргыттара түүтэх баайар этибит. Күҥҥэ 400-500 түүтэх баайан, бириэмийэ ылар этибит: 3 кг бурдук, 1 чиэппэр чэй, 1 паачка саахар ылан үөрэр-көтөр этибит. Биригэдьиирбит күн тахсыаҕыттан киириэр диэри үлэлэтэр этэ.

Молотилкаҕа түүтэх быраҕар, куул айаҕа тутар этибит. Арыт бурдук кууллуубут. Эр киhи үлэтин барытын кыргыттар үлэлиир этибит. Сэрии кэнниттэн Мас Булгунньах оскуолатыгар сааhын мас эрбиир этибит, күhүнүн хаар саҥа түhүүтэ Оҕуhунан оскуолаза мас тиэйэр этибит.

«За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» (Сталин мэтээлинэн) 1948 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр наҕараадаламмытым. «Үлэ фронун кыттыылааҕар» диэн юбилейнай мэтээллэринэн Кыайыы 30 сылыгар 1975 сыл сэтинньи 5 күнүгэр, Кыайыы 40 сылыгар 1985 сылга, Кыайыы 50 сылыгар 1995 сыл муус устар 28 күнүгэр, «Ветеран тыла» знагынан 1995 сыл от ыйын 18 күнүгэр, «Маршал Жуков» мэтээлинэн 1997 сылга наҕараадаламмытым.

Кэргэним — Колесов Николай Васильевич ветеран Великой Отечественной войны.  1956 сыллаахха ыал буолан 7 оҕолоохпут. Кыра уол Костя кэргэннэнэн, үс оҕолонон баран, 1993 сыллаахха үлэлии сылдьан оhолго өлбүтэ. Атын оҕолор бары үлэhиттэр. Аҕабыт 1999 сыл ыалдьан өлбүтэ.

Бэйэм II группалаах инбэлииппин, уопсай ыарыынан. Элбэх оҕолоохпунан икки мэтээллээхпин, биир орденнаахпын: II степеннээх Ийэ мэтээлэ, I степэннээх Ийэ мэтээлэ, III степеннээх Ийэ Албан аата орден.

Билигин пенсияҕа олоробун. Озолорум, сиэннэрим, Чыаппараза, Тонулугэ, Майаза, Хорообукка, Суолаҕа, Дьокуускайга олороллор. Улахан сиэннэрим университет студеннара. Билигигин хос эбэ буолан олоробун.

Ыам ыйа 2002 с.

 

 

Автор: Захарова А., 4 класс