
Кириллина Варвара Ивановна (1915 г.р.)
Ахтыы
Мин ийэм Кириллина Варвара Ивановна.
Кини Ыгыатта бөһүөлэгэр Сунтаар оройуонугар “Синньигэс” диэн сиргэ Кириллиттэр диэн ыалга бэһис оҕонон 1915 сыллаахха ахсынньыга төрөөбүтэ. Кини кыралара этэ. Бэйэлэригэр сөптөөх сүөһүнэн, булдунан тиийинэн олорор ыаллар үһү. 3 уол, 2 кыыс оҕолоохтор. Улахан оҕолор ким үөрэнэ, ким кэргэннэнэн барбыттар. Мин ийэм хороччу улааппыт кэмигэр ийэтэ икки хараҕа суох буолбут. Ол иһин хаһаайыстыбалара кини санныгар буолбут. Аҕалара бултуур эбит. Оннук олордохторуна сэрии буолбут. Кыанар эр дьон бары сэриигэ баран аас-туор олох саҕаламмыт, улахан курааннар түһэннэр аччыктааһын буолбут. Ийэм ийэтэ олус иистэнэрэ эбитэ үһү. Ону көрөн көмөлөһөн ийэм эмиэ иистэнэр, тирии арааһын имитэр буолбут. 1942 сыллаахха хас биирдии ыалга түһээн бөҕө оҥороллоро үһү. Ити кэмнэргэ сэриигэ сылдьар буойуттарга сүүһүнэн куобах үтүлүк, бэргэһэ илиитэ хабыллыар дылы имитэн, тигэн бөҕө ыыталаабыттар. Бу кэмҥэ саамай көмөлөһөр аҕата эмиэ икки хараҕа көрбөт буолаахтаабыт. Онон дьиэ ис-тас үлэтэ эмиэ ийэм хачаайы санныгар сүгүллүбүт. Колхозка ыанньыксыттаан, сайынын оттоһон, дьонун харайан олорон көрбөккө үлэ үөһүгэр сылдьыбыт.
Сэрии кэннэ 1947 сыллаахха Михалев Василий Иванович диэн киһиэхэ кэргэн тахсар. Дьонноро өлбүттэрин кэннэ Түбэй Дьаархан диэн сэлиэнньэҕэ көһөн тахсаллар. Биир уол, икки кыыс оҕолоноллор. Кыра кыыһа үс саастааҕар куртаҕа ыалдьан кэргэнэ өлөн хаалар. Ол кэмҥэ дойдутугар Ыгыаттаҕа көһөн тахсан сүөһү көрөр, ыанньыксыттыыр. 1960 сыллаахха иккиһин кэргэннэнэр, икки уол оҕону төрөтөр. Пенсияҕя тахсыар диэри колхозка ыанньыксытынан үлэлиир. Үлэлээбитин устатыгар Сталин медалынан, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. Хаста да оройуон хаһыатыгар хайҕанан тахсыбыта.
Биһиги ийэбит олус сэмэй, элбэх саҥата суох киһи этэ. Кини хаһан да улэтэ суох олорбот этэ. Муннун анныгар ырыалаах олорон куруук иистэнэрэ. Отой кырдьыар дылы совхоз сүөһүтүгэр быа, сылгыга көнтөс, сулар быаларын хатан, тигэн биэрэрэ. Элбэх сиэннэригэр бэргэһэ, унтуу, сонугар тиийэ тигэн биэрбитэ. Ийэбит сатаабатаҕа диэн суоҕа, таҥас кыраһыннарынан тикпит суорҕаннарын билигин да уура сылдьабын. Ийэм барахсан 83 сааһыгар олохтон туораабыта, ыарахан үлэттэн туора турбатаҕа, норуотун туһугар, кыайыыны аҕалаары, бэйэтин доруобуйатын харыстаабакка үлэлээбитин түмүгэр атахтарынан кыаммат буолан өссө да олоруох киһи түргэтээбитэ. Ийэбит сырдык кэриэһин, үлэ тыыл бэтэрээнин үйэлэргэ умнуохпут суоҕа.
Автор: В.В.Иванова, Ю.Семенов, ученик 5 класса.