
Кириллин Роман Евстафьевич (1927-2005 гг.)
Сул5аччы нэһилиэгин төрүт олохтоо5о. А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр И.П. Михайлов-Харачаан аатынан колхозка о5о, оскуола сааһыттан хонуу хорсун үлэһитэ. «1941- 1945 сс. А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн 1947 с. на5араадаламмыт.
Сэрии кэннинээ5и уус-уран самодеятельность күрэхтэрин актыыбынай кыттыылаа5а.
Сэрии кэнниттэн Ленин аатынан колхозка, Строд аатынан совхоз Сул5аччытаа5ы отделениетыгар биригэдьииринэн, ветеринарынан, өp сыл ма5аһыын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
1967-1968 сылларга Сул5аччы нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин талыллыбыта. Сул5аччы нэһилиэгин социальнай, культурнай, хаһаайыстыбаннай сайдыытыгар улахан кылаат киллэрбит дьоннортон биирдэстэрэ.
Норуот хаһаайыстыбата сайдыытыгар анаабыт ситиһиилээх үлэтэ үгүс правительственнай на5арааданан, мэтээлинэн бэлиэтэммитэ (В.И. Ленин 100 caaha, И.В. Сталин 120 caaha).
Амма улууһун уонна Сул5аччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о.
Тыыл, үлэ ветерана.
Автор: МОБУ «Саха гимназия»