Кириллин Егор Петрович (1919 г.р.)

 

Мин хос эһэм Кириллин Егор Петрович 1919 с. Таатта улууһун, Сиэллээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини  ийэтэ Дария Ионовна, а5ата Петр Романович 24 о5оломмуттарыттан ордон хаалбыт алта о5оттон төрдүстэрэ, уолаттартан кыралара этэ. Чөркөөххө икки иккилии кылаастаах оскуоланы  бүтэрбитэ. 5 кылаас  үөрэхтээх. Онтон 1937 с. Дьиэбэгэнэ нэһилиэгин Сталин аатынан колхоһугар чилиэнинэн киирбитэ. Сэрии  иннинэ «Дьоҕууһап күүһэ» колхозка үлэлээбитэ. Кини армия5а 1943 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллан барбыта. Доруобуйатынан сыыйыллан үлэ фронугар хаалбыта. Бурятия, Монголия сирдэригэр, Аршан учаастагар үлэлээбитэ. Онно мас суулларыыта, кэрдиитэ, бэлэмнээһинэ курдук ыарахан үлэҕэ «Кыайыы туһугар» кыһыйан-абаран туран үлэлээбиттэрэ, сыраларын-сырбаларын биэрбиттэрэ. Көрдөххө «Тиит аайы киһи олорор буолара» диэн ахтар эбит. Бу курдук кини Улуу кыайыыны уһансыбыта. 1945 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлэн баран колхоһугар рабочайдаабыта. 1946 сыллаахха агитаторынан үлэлээбитэ. Онтон 1947 сыллаахха 7 №-дээх «Улахан-Күөллээ5и» быыбардыыр уокуруктан Саха АССР Таатта оройуонун үлэһиттэрин депутаттарын Дьиэбэгэнэ нэһилиэгин Советыгар депутатынан быыбардаммыта. Хос эһэм депутат үрдүк аатын чиэстээхтик стүкпүтэ. Кини үрдүк ситиһиилээх үлэтин иһин ПК Таатта оройуонун РСДТ бэрэссэдээтэлэ Н.Елисеев, Таатта оройуонун РК ВКП(б) сэкэрэтээрэ И.Колосов илии баттааһыннаах махтал суругун туппута. 1965 сылтан пенсия5а тахсыар диэри Чөркөөх участковай балыыһатыгар үлэлээбитэ.

На5араадалара: «Фроҥҥа килбиэнин иһин» уонна араас юбилейнай мэтээллэр

 

 

Автор: П.Арчылаан, ученик 6 класса.