Кетехова Дария Григорьевна 1924г.р.

Өргүөт нэһилиэгэр, Уөһээ Бүлүү улууһугар 1924 сыллаахха төрөөбүтэ. Сэрии саҕаланыытыгар 18 сааһын туолбута.
1941-1945 сылларга Маркс аатынан холхуоска араас үлэлэргэ үлэлээбит, от оттооһуҥҥа, бурдук хомуйуутугар, доярканан. Ол сыллараг 1 дууһаҕа 600,700 грамм лэппиэскэ ананар диэн, онно илии баттаабыт докумуоннарын көрбүттээхпин. Кыра эрдэҕиттэн иитимньи оҕото суох ыалга киирэн, үтүмэн тутурах улаатан, эрдэттэн хара үлэҕэ сыстаҕас, эр киһилии күүстээх үлэлэргэ сылдьан буолуо, Сталин төбөтүнэн наҕараадаламмыта.
Өр сылга холхуоска, сопхуоска ыанньыксыттабыт, тонналаах (урут сылга 3 т ыатаххына инньэ диэн ааттыыллар эбит) ыанньыксытынан биллэн Москваҕа игин ыҥырыллыбыта, ону сэмэйэ, кыбыстанньаҥа бэрт буолан барбатах.
Соҕотоҕун 7 оҕону төрөтөн иитэн таһааран, бары үлэһит бэрдэ ыал аҕалара ийэлэрэ.

Авторы: Ивановы Юлия и Аэлита,ученицы 6 класса.