
Иванова Марфа Петровна (1915-2003 гг.)
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ
Мин хос эбээм тыыл бэтэрээнэ, Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Марфа Петровна Иванова быйыл төрөөбүтэ 110 сыла. Оччотооҕу буккуурдаах Сэбиэскэй былаас сана атаҕар туран, бандьыыттааһыны утары охсуһууларын кэмигэр оскуолаҕа үөрэнэр сааһа ааһан, үөрэммэккэ хаалбыта. 1934 сыллааха кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн ыал буолбуттара. Хос эһээм сэриигэ барбытын кэннэ, оччотооҕу Саха сирин бары дьахталларын курдук сүөьү көрөн, от оттоон, мас кэрдэн, оҕо иитэн, ыарахан сут дьыллары күөгэйэр күнүгэр сылдьан туораабытын туһунан ахтар буолара. Хос эһээм сэриигэ ылбыт баастарыттан эмсэҕэлээн 1959 сыллааха өлбүтүн кэннэ, хос эбээм алта оҕону соҕотоҕун атаҕар туруорбута. Кэлин өр сылларга оҕо саадыгар үлэлээбитэ.
Улахан Ааҥҥа атын сиртэн үлэлии кэлбит учууталлар, биэлсэрдэр хос эбээбэр олороллоро. Үлэлээн бүтэн бардахтарына, хос эбээбэр махтанан сурук бөҕө суруйаллара.
Таһаарыылаах үлэтин иһин хос эбээм «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ», «Ийэ буолуу 1 степеннээх» уо.д.а. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Автор: Д.Нехорукова, ученица 3 класса.