Мин аҕам өттүнэн хос эбэм. 1918 с. Сунтаар оройуонун II Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Сэрии сылларыгар II Дьаархан “Правда” колхуоһугар кладовщигынан, сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. 1940-1946 сс. нэһилиэк сэбиэтин депутатынан, 3 сыл колхуос ревизионнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин “Стахановка” аатын ылбыта, “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэдээллэрдээх.

Алексеев Х.,10 кыл. үөрэнээччитэ