Иванова Евдокия Семеновна 1929 с.

Хос эбээбит Иванова Евдокия Семеновна 1929 сыллаахха Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Ийэтэ-аҕата колхозтаахтар, аҕыйах сүөһүлээх, кыракый олорор дьиэлээх дьадаҥы ыаллар этилэр.

1936 сыллаахха хос эбээбит сэттэ саастааҕар Хоро начальнай оскуолатыгар уөрэнэ киирбит. Биэс-алта биэрэстэлээх сиртэн ыалын оҕолорун кытта сатыы хаамаллара. Онтон дьонноро бөһүөлэккэ көһөн киирбиттэр. Ол саҕана колхозтаах ыаллары бөһүөлэккэ аҕалтаабыттара.

Эбээ Марфа Майаҕа уполминзаг үлэһитэ,1943 с.

1939 сыллаахха Хоро оскуолатын бүтэрэн Элгээйи сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Дьоно билэр ыалларыгар ынахтарын иитэн-харайан кыстатыах буолан олордон үөрэттэрбиттэр. 1942 сылга диэри сэттис кылааска үөрэнэн иһэн, дьонуттан ыраах олорон тэһийбэккэ уурайан дьиэтигэр тахсан хаалбыт. Үөрэнэр кыахтаах эрээри үөрэммэтэҕиттэн кэлин олус кэмсинэрэ, ол иһин оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх дьон буолуохтарын баҕарара. Бэйэтэ 14 саастааҕыттан олоҕун тухары илиитинэн үлэлээн-хамсаан, киһи-хара, ыал-күүс буолан олорбута.

1942 сыллахха оскуолаттан уурайан фермаҕа үүт учуоттааччынан үлэлээбит. Оччотооҕу дояркалар уонна үүт астааччылар үөрэҕэ суохтара, сатаан суруйбат да этилэр ол иһин төһө үүтү-аһы ыан-астаан чөкөтөллөрүн учуоттуур киһи наада буолан хос эбээбит онно үлэтин саҕалаабыт. Улахан дьоннору кытта тэҥҥэ туран-олорон үлэлээбит.

Үлэлиир сирдэрэ бөһүөлэктэн тэйиччи турара. Онно үүт асчыта үүтүн эрийэн, сүөгэйдээн, сүөгэйин арыылаан, арыытын уулларан, чыыстайдаан подвалга тоҥорор. Ону хос эбээбит оҕустаах сыарҕанан тиэйэн аҕалан бөһүөлэккэ колхоз кладовщигар аҕалан туттарара. Ол бириэмэттэн 1953 сылга диэри колхозка кыһыннары-сайыннары, түүн-күнүс диэбэккэ, туох түбэһиэх үлэҕэ улахан дьону кытта тэҥҥэ туран-олорон, кэлэн-баран оҕуһунан-атынан үлэлиирэ.

Оччотооҕу кини саастаах оҕолор бары күргүөмүнэн көхтөөхтүк үлэлииллэрэ. Оччолорго аһылык да кэмчи, таҥас эмиэ суоҕа, күҥҥэ биирдэ аһыыр аһылык көһүннэҕинэ үөрэҕин эбит. Ол кэмнэргэ ааттаах кураан сайыннар буола сылдьыбыттар. Баһаар бөҕө буолан тыа-хонуу барыта сиэниллибит. Өссө бөһүөлэккэ да чугаһаан баһаардар буолбуттар. Ону умулларарга оҕолор эмиэ сылдьыбыттар.

Ол кураан дьыллар сотору ааспыттар, сэрии бүппүт. Дьэ онтон уйгу-быйаҥ сайыннар кэлбиттэр. Үлэ-хамнас көхтөөхтүк, күргүөмнээхтик салҕаммыттар. Оччолорго партия, комсомол диэн ууннуур-тэһиинниир, ыйар-кэрдэр, салайар тэрилтэлэр бааллара. «Ыччакка олус туһалааҕа, ким да үлэттэн туора турбат, бэрээдэги кэһэр, арыгылыыр эҥин ыччат суоҕа. Онон көҥүл босхо баран-кэлэн, үлэлээн-хамсаан, үөрэн-көтөн күнү-дьылы билбэккэ атаарыллара. Ону билигин кэлэн санаатахха, төһө даҕаны аһа-таҥаһа кырыымчыгын иһин, биһиэхэ олус да үчүгэй күннэр-дьыллар ааспыттар эбит», — диэн кэпсиирэ хос эбээбит.

1953 сылтан хос эбээбит колхозка Хоро сиригэр фермаҕа үүт эрийээччинэн уонча сыл үлэлээбит. Оччолорго түөттүү дояркалаах фермалар бааллара. Доярка үлэтэ барыта илиинэн үлэлэнэрэ. 15-тии ынаҕы ыыллар, 15-тии тарбыйаҕы көрөллөр, туох баар үлэни барытын бэйэлэрин илиилэринэн үлэлииллэрэ даҕаны үүт ас бөҕөнү ыыллара. Күҥҥэ үстүү биэдэрэ сүөгэйи эрийэн ылаллар, ону арыы оҥороллор, ууллараллар, тоҥороллор уонна оҕуһунан тиэйэн аҕалан кладовщикка туттараллар. Бу үлэ эмиэ барыта илии үлэтэ буолар. Оччотооҕу кэмҥэ техника диэн суоҕун кэриэтэ, ону ол диэбэккэ оҕолор, ыччаттар, кырдьаҕастар бары түмсүүлээхтик үлэлииллэрэ. Ол иһин кыайтарбат үлэ диэн суоҕа. Бурдугу бэйэлэрэ үүннэрэллэрэ, онтулара лэппиэскэ буолан тахсыар диэри араас үлэни бэйэлэрэ оҥороллоро. Билиҥҥи курдук маҕаһыынтан бэлэм килиэби сиир буолбатах.

Колхозтаахтар саас ат сеялкатынан бэлэмнэммит, хорутуллубут сиргэ бурдук ыһаллара, ол бурдуктара үүннэҕинэ атынан үлэлиир бурдугу быстарар массыына баара, ол кэнниттэн батыһа сылдьан ол бурдуктары түүтэх оҥорон баайан куурда уураллар, ону биир сиргэ мунньаллар. Ол аата кылааттыыллар, онтон сиэмэ бурдук уураллар. Ол кэнниттэн туораах бурдугу мельницаҕа таттараллар эбэтэр ыаллар бэйэлэрэ бурдук тардар суоруна диэн тэриллээхтэр, онно бурдугу мэлиттэрэллэр, дьэ ол кэнниттэн лэппиэскэ, алаадьы оҥостон сииллэр. Онтон сүөһү аһылыгын бэлэмнээһинэ, сайын оттууллар, ат массыынатынан от оҕустараллар. Оҕолор, эмээхситтэр, кыргыттар оту бугуллууллар, кээһэллэр. Хос эбээбит аах от кээһиитигэр оҕус сиэтэллэрэ, бугул түгэҕин харбыыллара. Кыһын саһаан эрбииллэрэ, сорохтор оҕуһунан, атынан от-мас тиэйэллэрэ. Маннык үлэлээн эдэр саастара ааспыт.

Марфа Васильевна и Ион Павлович

1947 сыллаахха хос эбээбит ка кэргэн тахсан ыал буолан сэттэ оҕоломмут. Сиэннэр, хос сиэннэр араас үөрэххэ-үлэҕэ көхтөөхтүк уөрэнэллэр, үлэлииллэр. Онон биһиги дьиэ кэргэн олоҕо салҕанар, удьуора уһуур.

Хос эбээбит үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, «Сунтаар улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ», «Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо», «Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа» диэн анал ааттардаах этэ.

 

Хос сиэннэрэ Толя, Полина, Айыына Ивановтар, МОБУ «Саха гимназия».