Евдокия Ильинична ИВАНОВА

Туус собуотугар “Үлэ барыта фроҥҥа” диэн сыралаах үлэтин, олоҕун кэрчиктэриттэн!

Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи бөһүөлэгэ сиртэн хостонор туһалаах баайдарынан киэҥник биллэр. Аан маҥнай 1640 с нуучча сулууспалааҕа Воин Шахов диэн киһи 100 буут тууһу хостоон Бүлүү воеводствотыгар илдьибитэ. Дьэ, бу мантан саҕалаан тууһу интэриэһиргээһин күүһүрбүтэ. 1647 сыллаахха нууччалар кэлэннэр үрэҕи «Рассольная» диэн ааттаабыттара. 1713 сыллаахха бастакы ампаар тутаннар тууһу хостоон атыыга таһаарбыттара.

Кэмпэндээйи тууһун хостооһуна уонна туһаҕа таһаарыы суолтата Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар ордук үрдээбитэ.

Ол курдук биһиги эбээбит, хос эбээбит, хос хос эбээбит, хос хос хос эбээбит Иванова Евдокия Ильинична 1895 сыллаахха тохсунньу томороон тымныытыгар Өлүөхүмэ оройуонун «Кыыллаах Арыы» бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Өлүөхүмэҕэ олорон  2 кыыс 2 уол оҕолонор. 1932с Сунтаар улууһугар көһөн киирэригэр 2 уола аара суолга тымныйан ыалдьан өлбүттэр. Манна кэлэн «Жданов» аатынан колхозка доярканан үлэлиир. Урукку дояркалар ынахтарын ыан аһатан баран, отторун – мастарын бэйэлэрэ тиэйэн, түүннэри оҕолоругар таҥас тигэн, абырахтаан 2 – 3 час эрэ утуйан – сынньанан  ыларбыт диирэ эбээбит. Сайынын отторун бэйэлэрэ оттууллара, тиэнэллэрэ. Биир сайын бурдук буолатыгар аһыынка туран, куул соһон аһыынка хомуйарбыт  диэн саныыра, ахтара.

1942 сыллаахха партия укааһын толоро, Кэмпэндээйи бөһүөлэгэр туус хостооһунугар киһи тиийбэт диэн дояркалартан хомуйбуттар, ол иһигэр биһиги эбээбит. Күннээҕи килиэп нуормата кыра буолан , дьиэ кэргэнин аһатар сыалтан 2 улахан кыргыттара  тэбис – тэҥҥэ сылдьан үлэлэспиттэрэ.

Үлэлэрэ ыарахан, барыта илии үлэтэ, кыһыннары, сайыннары туустарын хостууллар, оргуталлар.  Ас тиийбэтиттэн үлэ ыараханыттан үлэһиттэр, оҕолор өлөллөр эбит. Эбээбит үлэҕэ мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара, бэйэтин өлүүтүн бүтэрэн атын дьахталларга көмөҕө барара, атын үлэһиттэр кыра нуормаҕа сылдьан хайдах маннык күүстээҕин, үлэтигэр кыахтааҕын, атын дьоҥҥо көмөлөһөрүн сөҕөллөр.

Үлэлии сылдьан  биһиги эбээбит  оргуйа турар тууска сирэйин улаханнык сиэтэн, Сунтаарга өр кэмҥэ балыыһаҕа сыппыт. Кыргыттара киэһээ аайы көрдөһөн балыыһаҕа киирэн ыт сыатынан биһэллэр, айаҕар луоска угаллар —  бүтэ оһон хаалбатын диэн, оннук эмтээн соторуннан үтүөрдүбүттэр. Ийэлэрэ туус собуотугар үлэлии барар, кыргыттара мас кэрдээһинигэр үлэлээбиттэр. Оччолорго газогенераторнай диэн маһынан оттуллар трактор баара, онно мас бэлэмнииллэр 2 – 3км буола – буола. Үлэлээбит үлэтин туоьутунан 1944с Кыым хаһыат атырдьах ыйын 09 күнүнээҕи 158 нүөмэригэр «Үлэҕэ өрө көтөҕүллүү…» диэн ыстатыйаҕа бэчээттэммитэ. Ол курдук туус сыаҕын үлэһиттэрэ от ыйдааҕы сорудахтарын «ССРС аһылыгын Промышленнаһын туйгуна» бэлиэннэн наҕараадаламмыттар Аммосова Анастасия 140% Федорова Мария 143% Николаева Ксения 139% Иванова Евдокия 158%  Степанова Варвара 135% Винокурова Екатерина 164% Пахомова  Мария 157% Сымытова Варвара 147%  Тирская Анна147 % Степанова Дария 138%  бу сыах үлэһиттэрэ барылара күннээҕи нуормаларын аһары толороллор. Тууһу буһарар оһохтор 3 сменаҕа үлэлииллэрин тэрийии түмүгэр, завод үрдүнэн от ыйыгар тууһу буһарыы былаана 110  бырыһыан толоруллубут. Үһүөн үлэ фронуттан Марбаҕа 1946 сыллаахха «Сталин төбөлөөх» мэдээл иилинэн кэлбиттэрэ. Боростой үлэһит дьон үлэтинэн бу кыайыыны чугаһатыспыттара, үлэ барыта фроҥҥа диэн ананан кыайыы – хотуу кэлбитэ.

Сэрии да бүппүтүн кэннэ колхозка үлэ аҕыйаабатаҕа. Эбээбит дояркалаан хотоҥҥо күнүн бүтэрэрэ, дьиэ кэргэнин иитэрэ. Эбээбит сыралаах үлэтин түмүгүн мэдээллэринэн наҕараадалаабыттара:  «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэдээл 1941 – 1945сс, «Кыайыы 50 сылыгар» мэдээл, «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһыгар үлэҕэ килбиэнин иһин» мэдээл, элбэх грамоталар, махтал суруктар.

1990 сыллаахха туус собуотун 350 сыллаах үбүлүөйүгэр эбээбит 95 сааһыгар хос сиэнэ арыалдьыттаах кыттыыны ылан кэлбитэ.   Эбээбит 99 сааһыгар диэри ыарахан аччык сыллары туораан элбэх сиэни көрөн – харайан, улаатыннартаан дьоллоох олоҕу олорбута.

100 сааһыгар 6 ыйынан тиийээхтээбэтэҕэ.  “Бэйэм олох олорбут олохпун ыараханынан, куһаҕанынан санаабаппын” диирэ!!!

Эбээбит Евдокия Ильинична баай, халыҥ аймаҕы хаалларда, ол курдук 3 кыыһа, 1 уола – 18 сиэни бэлэхтээтилэр, ол 18 сиэн – 60 хос сиэни, бу 60 хос сиэн – 57 хос хос сиэни, уонна 2 хос хос хос сиэни бэлэхтээтилэр. Биһиги эбээбитигэр махталбыт муҥура суох,  кинилэр кыайыыларынан эйэлээх олоххо дьоллоохтук олоробут.

Бордон нэһилиэгэр ыытыллыбыт конференцияҕа эбээбит Евдокия Ильинична аатын үйэтитэргэ  Кыайыы 70 сылыттан саҕалаан орто оскуоланы бутэрээччи оҕоҕо,  эбээбит курдук күүстээх – уохтаах үлэһит хоһуун үөрэнээччигэ сыллааҕы үөрэх түмүгүнэн, сиэнэ элбэх оҕолоох Герой Ийэ Петрова Галина Егоровна дьиэ кэргэнин аатыттан стипендия  аныыра.

Евдокия Ильинична ИВАНОВА

Бу үлэбит түмүгүнэн саамай үөрүүлээҕэ Кэмпэндээйи нэһилиэгэр кулун тутар13 күнүгэр 2015 сылга бара сылдьан, ийэбит Галина Егоровна эһээтин 1906 сыллаах төрүөх Васильев Григорий Даниловиһы  сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүтүнэн бу кэмцэ дылы билинэ сылдьыпыппытын, библиотекарь Татьяна Ивановна Местникова көмөтунэн эһээбитин булан улахан үөрүү сонуннаах кэлбиппит! Эһээбит, хос эһээбит, хос хос эһээбит, хос хос хос эьээбит 2 хомуурга 1943 сыллаахха Сунтаар оройуонун «Каганович» колхоз аатыттан сэриигэ ыҥырыллыбыт, сэрии толоонугар сылдьан 1945 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр күн сириттэн  туораабыт. Билигин  Польша Храбен диэн куоратыгар көмуллэ сытар, Эһээбитин булан Сэкэритээр Дьөгүөр сыдьааннара, халыҥ аймаҕа улахан үөрүүлэрэ, махталлара муҥура суох!

Васильев Григорий ДАНИЛОВИЧ