
Иванова Агафья Васильевна
Мин хос эбээм тыыл ветерана Иванова Агафья Васильевна
«Сэрии мин дьиэ кэргэммэр содула» диэннэ мин хос эбээм Иванова Агафья Васильевна туhунан ахтан -санаан ааhабын.
Мин эбээм уруккута Хочо улууhун 3 Бордон (Дабаан үрэх) нэhилиэгиттэн теруттээх, кэлин Сунтаар улууьун Элгээйи нэhилиэгэ буолбута.
Эбээм сэрии са5аланарыгар 6 о5олоох хаалбыт. Кини наар сүөհү көрүүтүгэр ыанньыксытынан, субай сүөհү көрөн үлэлээбит, кэлин ферма сэбиэдиссэйдээбит. 1935 сылтан Сталин аатынан колхоз чилиэнэ. Урут дояркалар ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөр,оттоон аhаталлар эбит. Күհүн хойукка диэри мууhу тоhута үктүү сылдьан оттууллар эбит. Көмүлүөк оhоххо оттор мастарын бэйэлэрэ кэрдэн,тиэйэн киллэрэллэр үհү.
Сэрии са5ана бэс сутукатынан,сиикэй моонньо5ону тарга ытыйан хааhылаан сиэн тыыннаах хаалбыттар уонна куйуурдаан балык ыллахтарына сииллэр эбит. 1943 сыллаахха эбээбин атыыр о5ус кэйбит. Онтон ыла улаханнык ыарытыйбыт. Икки о5ото утуу-субуу корь ыарыыга ыалдьан баран, сыыстаран,тымныйан өлбүттэрэ. Кэлин икки о5ото өлбүт.
«А5а көлүөнэ килбиэннээх суола» диэн 2012 с. тахсыбыт кинигэ5э эбээм Кыайыы 50 сылыгар онорбут ахтыыта баар. Онно маннык суруллубут: « Сэрии сылларыгар элбэх киhи хоргуйан өлбүттэрэ. Ону «дьэӊкирэн» өлбүттэр дииллэрэ. Улахан сут кураан түспүтэ. От үлэтигэр умса түհэн үлэлиирбит. Бурдук быհыыта буолла да, бурдук бааհынатыгар эдэр кыргыттары салайан үлэлиирбит. Күӊӊэ 1200 түүтэ5ибаайар этим. Онтубутугар бириэмийэ арыы биэрэллэрэ. Сэрии сылыгар 630 үлэ күнүн аахсыбытым. Суол оӊоhуутугар, туус хаhыытыгар былаан түհэрэ. Байыаннай нолуогун төлөөбөтөх киհи хаайыыга барара. Улахан уолум ыалга олорон үөрэнэ сылдьан,17 сааհыгар сөтөл буолан өлбүтэ. Бэйэм эмиэ сөтөл буолан, өр кэмӊэ эмтэммитим. Онон сэрии содулуттан огдообо, алта о5оттон чороӊ со5отох уолум хаалан, бэйэм доруобуйабын сүтэрэн,сэрии ыар сылларын эппинэн-хааммынан билбитим. Сиэннэрим, хос сиэннэрим сэрии диэни билбэтиннэр!»
Со5отох уола Касьян Семенович үөрэхтээх киհи буолан улууска элбэхтик үлэлээбитэ.
Эбээм сэрии сылларын улэлээбитин иհин «Тыыл ветерана», «Үлэ5э килбиэнин иհин», «Кыайыы 50 сыла» мэтээлэринэн на5араадаламмыта.
Эбээм Агафья Васильевна 90-гар дылы уолун дьиэ кэргэнигэр олорон 1999 с. олунньу ый 22 кунугэр өлбүтэ.
Эбээм 4 сиэннээх, 7 хос сиэннээх, 5 хос хос сиэннээх. Биhиги хос эбээбит оло5ун салгыыбыт. Уонна сэрии хаhан да буолбатын, эбээбит ыарахан оло5о хатыламматыгар ба5арабын.
Автор: И.Касьян, 6 б кылаас үөрэнээччитэ