Иванова Агафья Семеновна (1920-2007 гг.)

 

Хос хос эбээбин кытта бииргэ төрөөбут балтыта Агафья Семеновна.

Агафья Семеновна 1920 с. Кэбээйи улууьун II Лүүчүн Аһахтааччы учаастагар орто сэниэ ыалга төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэрэ, икки убайдара Михаил уонна Николай, сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Кыра убайа Михаил Калужскай уобаласка Ефремовка дэриэбинэтигэр көмүллэ сытар. Улахан убайа Николай үлэлии сырыттаҕына үргүлдьү сэриигэ ылан барбыттара. Сыл буолан баран хара сурук кэлбит. Агафья Семеновна эдьиийин Маайа үс оҕотун, бэйэтин уолун кыра эрдэхтэринэ, оччотооҕу ыарахан асс-туор олоххо бэрт эрэйи көрөн иитиспитэ. Ийэтэ ыалдьан ону ыарыылаан түөрт кылаас кэнниттэн кыайан үөрэммэтэх. Эдьиийин оҕолоро кэлин улаатан баран: «Биһиги эйигин иккис ийэбит курдук саныыбыт», — диэн махтаналлара. «Туох да үлэттэн иҥнэн турбакка, эр киһи үлэтин тэҥҥэ толорон, мас мастаан, от тиэйэн, балыктаан оччотооҕу кэмҥэ элбэх эрэйи, сору-муҥу көрбүтүм, тоҥмутум, аччыктаабытым элбэх буоллаҕа сытара дуу турара дуу», — диэн сүөм түһэн кэпсиирэ.

Сэрии сылларыгар Сталин төбөлөөх мэтээлинэн, Махтал суругунан наҕараадаламмыт.

Агафья Семеновна холкуоска, кэлин сопхуоска ньирэй көрөн, ыанньыксыттаан 1966 с. үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит. Үлэтигэр үчүгэй көрдөрүүлээх буолан райсовет, нэһилиэк депутатынан 9 сыл устата талыллыбытын кини докумуоннара туоһулууллара.

1966 с. бүөрүнэн ыалдьан оҕо саадыгар ньээҥкэнэн үлэлиир. Онтон 1973 с. оҕолорун үөрэттэрэ Намҥа көһөн кэлэн олохсуйар, иккис дойду оҥостор. Онтон 1977 с. сибээс почтатыгар техүлэһитинэн уонтан тахса сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн, махтал суруктарынан бэлиэтэммит. Бу орто дойдуттан 87 сааһыгар 2007 с. олунньу 15 күнүгэр суох буолбут.

 

 

Автор: Н.Ноговицына, ученица 4 класса.