Иванов Андрей Иванович 1933г.р.

Биһиги дьиэ кэргэн саамай күндү, ытыктыыр эһэбит, хос эһэбит Иванов Андрей Иванович – «Кыһыттаан». Өҥөлдьө нэһи-лиэгин төрүт олохтооҕо, Ытык кырдьаҕаһа, Өҥөлдьө нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии сылларын ыарахан сут, кураан, аччыктааһын кэмнэрин эт хаа- нынан билэн улааппыт, сэрии тыыл бэтэрээнэ, холкуос, соп- хуос үлэтигэр хара илиитинэн тиритэ-хорута көлөһүнүн тоҕон дьаныардаахтык, кыһамньылаахтык үлэлээн нэһилиэнньэ ытыктабылын,   убаастабылын чиэстээхтик ылан, төрөппүт оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар угуттанан быйыл 91-рис хаарын уулларан, ыам ыйын 15 күнүгэр ытык сааһын туолла.

Биһиги эһэбит 1933 сыллаахха Иэйэхсит ыйыгар ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут Күөх Ньурба оройуонун Өҥөлдьө нэһилиэгин кэрэ көстүү-лээх киэҥ нэлэмэн, көнө хонуулаах “Эбэ” алааһыгар Иванов Иван Алексеевич уонна Иванова Аксинья Андреевна дьиэ кэргэттэригэр 17 оҕонон күн сирин көрбүт, кини иннинэ төрөөбүт оҕолор бары уһаабатахтар, ол иһин эһэбитин сахалыы сиэринэн «абааһыттан күрэтэбит» диэн төрөөтүн кытта атын ыалга түннүгүнэн биэрэн, абааһыттан суолларын муннаран, «иннинэн-кэннинэн», Бөөдөйө Миитэрэйдээххэ иттэрэ биэрбиттэр.

Ииппит дьонугар 10 сыл олорон баран төрөппүттэригэр кэлбит. Эһэбит оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыт буолан, оччотооҕу оҕо сиэринэн кыра эрдэҕиттэн бары үлэҕэ үлэлии улааппыт.

«Пионер» холхуоска бурдук ыһыытыгар, от хомуутугар, оҕус сиэтээчинэн, от-мас тиэйиитигэр сылдьан төһүү күүс буолбут, оҕо сааһыгар көр-нар, оонньуу, сынньалаҥ диэни билбэккэ, «оон- ньоммотох оҕо сааһы билэн» улааппыта.

Оскуолаҕа нулевой кылааска хойутаан үөрэнэ киирбит. Сэрии сыллара буолан 4 кылааһынан уурайбыт.

Тутуу биригээдэтигэр өр сылларга элбэх тутууну тутуһан, суолун-ииһин хаалларан, дьон сэргэ ытыктабылын ылбыта.

1956 сыллаахха эһэбит эбэбитинээн Степанова Елена Алексеевналыын ыал буолбуттара. Бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, убаастаһан, дьоллоохтук олорон, 9 оҕону төрөтөн, иитэн, үтүөҕэ-кэрэҕэ үөрэтэн, үлэһит дьон оҥорон, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ эһэтэ буоллулар