
Иванов Афанасий Николаевич
(Тус ахтыытынан)
Иванов Афанасий Николаевич 1905 сыллаахха Куокуй нэһилиэгэр «Алаас» диэн сиргэ дьаданы кэргэннэ төрөөбүтэ. Кини о5о сааһа бу манна ааспыта, үөрэх диэни олох билбэтэ5э. Афанасий Николаевич аан бастакы үлэтин «ТОЗ» табаарыстыба диэн үлэ5э үлэлээбитэ. Ити кэнниттэн балык артыалыгар үлэлиир. Бу курдук үлэлии сырытта5ына 1932 сыллаахха холкуос тэриллэр. 1941 сыллаахха сэрии са5аламмыта. Афанасий Николаевич 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр сэриигэ ынырыллан барбыта. Кини Куокуйтан Сангаарга диэри катерынан айанныыр, онтон борохуотунан, салгыы массыынанан айаннаан «Даампа» диэн байыаннай чааска алтынньы 12 күнүгэр тиийбитэ. Манна 4 ый устата байыаннай үөрэххэ үөрэммитэ.
Ити кэнниттэн 1943 сыллаахха «Черновка» диэн сиргэ шахта5а үлэлээбитэ. Бу сырытта5ына сэрии бүтэн 1945 сыл буолта. Афанасий Николаевич доруобуйата мөлтөөн 1945 сыллаахха от ыйыгар уоппуска ылан дойдутугар сынньана кэлбитэ. Ити кэмнэ кырдьа5ас саастаахтарга үлэттэн босхолонор ыйаах тахсан, үлэлии барбата5а. Кини «50 лет Вооруженных сил», «Кыайыы 30 сыла» (1945-1975), «70 лет Вооруженных сил» (1918-1988), «Кыайыы 40 сыла», (1945-1985) уонна «Кыайыы 25 сыла» медалларынан на5араадаламмыта.
Суруйда хос сиэнэ Т.Туприн 8д кылаас уорэнээччитэ.