Мин хос эһээм Иосиф Романович Потапов тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 1941-1945 сс. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, «Кыайыы 30 сыла», «Кыайыы 40 сыла» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. «Саха АССР бастыҥ бостууга» ааты ылбыта. Тоҕус оҕо тапталлаах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэннэр эһээлэрэ.
Иосиф Романович Баайаҕыынскай нэһилиэгэр Ат Күөлгэ диэн сиргэ төрөөбүтэ.
Ийэлэрэ эрдэ өлөн аҕатын кытта 16 сааһын туолуор диэри хамначчыттаабыта. Саҥа тэриллибит артыалга биир бастыкынан киирбитэ, туруу үлэһит буолбута.
1942 с. сэриигэ ыҥырыллан Чита куоракка үлэ фронугар тутууга, техника курууһугар үлэлээбитэ. Монголияҕа окуопа хаһытыыгар сылдьыбыта. 1944 с. Баайаҕаҕа төннөн кэлбитэ холкуоска, онтон сопхуоска үлэлээбитэ.
«Саҥа-Олох холкуос» кинигэҕэ бэйэтин ахтыыта тахсыбыта:
«1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбытым, байыаннай бэьиэскэни ыам ыйын 25 күнүгэр туппутум. Чита-2 диэн сиргэ биир ый байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэрэ. 800-кэ киһи бэлэмнэниини барбыппыт. Үгүспүтүн сэриигэ илпиттэрэ, аҕыйах киһи хаалбыта. Миигин харахпар трахома көөнньөрүүтэ баар диэннэр уонна атахпар эпэрээссийэ анааннар биир ый госпитальга эмтэнэҕин диэннэр хаалларбыттара.
Барыта этэҥҥэ буолан иһэн, ис тиибигэр ыалдьан салгыы өссө икки ый эмтэнним.Ол кэнниттэн хамыыһыйалаан, үлэ фронугар анаммытым, онно икки аҥаар сыл сылдьыбытым. Араас үлэни барытын улэлэтэр этилэрэ, Читаҕа үксүн курууска сылдьыбытым, таас тутуугу үлэлээбитим. Хаста да Монголияҕа окуопа хастара таһаара сылдьыбыттара.
Ол бара сылдьаммын иккиһин ис тиибигэр ыалдьаммын инбэлииккэ таЬаарбыттара. 80 киилэлээх киһи икки төгүл ыран, дьүдьэйэн, 2-с группалаах инбэлиит буолан дойдубар 1944 сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр кэлбитим.
Тыыннаах эргиллибиппэр дьылҕабар махтанабын. Кэлэн эмтэнэн баран, холкуоспар чэпчэки үлэҕэ үлэлээбитинэн барбытым. Сааһым тухары холкуоска илии уонна сүөһү үлэтигэр күүһүм кыайарынан үлэлээн кэллим»
Хос сиэттэрэ: А. Потапов 3 кылаас, А.Потапов, 8 кылаас.