Игнатий Павлович Иннокентьев (1915-1983)

Мин хос эһээм Игнатий Павлович Иннокентьев 1915 с. тохсунньу 15 күнүгэр Орджоникидзевскай оройуон Хоточчу сэлиэнньэтигэр  төрөөбүтэ.  Ийэтэ, аҕата эрдэ өлөннөр, убайыгар иитиллибитэ. 1931 с. комсомолга киирбитэ, араас өрүттээх үлэлэргэ инники күөҥҥэ сылдьыбыта – кулаактааһын, культурнай-сырдатар үлэлэр: чөл олох иһин, куһаҕан дьаллыктары утары охсуһуу, үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһин уо.д.а.

1940 с. мин хос эһээм «Буденнай» диэн 82 хаьаайыстыбалаах бөдөн колхоһу тэрийсибитэ. Сэрии бастакы сылларыгар кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Сэриигэ доруобуйатын туругунан барбатаҕа. Кини сэрии сылларыттан (1942-1945) холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан уонна ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Сэрии кэмигэр таһаарыылаах үлэтэ «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэнэн 1945 с. наҕараадаламмыта.

Кэнники сылларга «Жданов», «Ленин» аатынан холкуостарга хонуу биригэдьииринэн өр сылларга үлэлээбитэ. Сайынын окко звеньеводтуура. Хоточчуга хас да сүөһү хотонун бырайыактаан туттарбыта. 1971 с. биэнсийэҕэ тахсыбыта, онтон төрөөбүт нэһилиэгин историятын суруйууга элбэхтик үлэлэспитэ. Игнатий Павлович үлэтэ элбэх төгүл сыаналаах бэлэхтэринэн, махтал суруктарынан, «Улэ ветерана», Кыайыы үбүлүөйдэрин мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

Кинилэр мин хос эбээбин Александра Егоровнаны кытары 6 о5ону төрөппүттэрэ, ииппиттэрэ. Хос эбээм 45 сааһыгар ыалдьан өлбүтүн кэннэ, хос эһээм 6 оҕотун бэйэтэ иитэн, уерэттэрэн киһи-хара оҥортообута. Ол 6 оҕоттон 4-дэ үрдүк үөрэхтээх дьоһун үлэһит дьон буолбуттара, төрөбүт улуустарын сайдыытыгар улахан кылаат киллэрбиттэрэ.

Игнатий Павлович сырдыкка, кэрэҕэ тардыспыт кэрэхсэбиллээх олоҕун кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыбыт, хос эһээбитинэн киэн туттабыт. Киһи быһыытынан мындыр, сахалыы дириҥ өйдөөх, киэн-холку майгылаах буолан, дьоннор кинини сылаастык, үтүө тылынан ахталлар.

 

Автор: Н.Романова 6 «в» кылаас