Сэрии!..Сэрии диэн тыл хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иһиллэр.
1941сыллаахха Фашистскай Германия биһи дойдубутугар сэриинэн саба түһэн дьоммут олохторун алдьатан-айгыратан барбыта. Советскай Союз дьоно биир түмсүүлээх-санаалаах буолан фашистары 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр кыайбыттара.
Аҕа дойду сэриитэ сагаланан тыа дьонун чуумпу олохторун аймаабыта. Сэрии сиэртибэтэ, содула суох ааспатага. Сэллик сэтэрээн, куртах, оһоҕос, быар ыарыылара өрө турбуттара, корь онно эбии булан, аччыктаан сылдьар дьону ордук айгыраппыта.
Кыһалҕаҕа кыайтарбат, эрэйгэ бэриммэт өргөс-кылаан туруу үлэһиттэр баар буолан олох салҕанан барбыта. Дьэ, маннык кэмҥэ биһиги хос эһээбит, хос эбээбит Кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ.
Хос эһээбит Сивцев Николай Николаевич 1904 сыллаахха төрөөбүтэ. Онтон улаатан баран саҥа ТОС-табаарыстыба диэн артыал тэриллибитэ, онно 1930 сыллаахха киирбит. 1931 сылтан 1940 сылга диэри ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Үлэтэ үчүгэйин иһин 1940 сыллаахха бастыҥ ыанньыксыттыын Говорова Мария Михайловналыын Москваҕа Тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыыны ылар чиэскэ тиксибиттэр.
Онтон II Бэрт Ууһугар налоговай агенынан үлэлээбит. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар 1943 сыл бэс ыйыттан 1945 сыл алтынньыга диэри үлэ фронугар сылдьыбыта. Кэлэн баран 1947 сылтан 1956 сылга диэри «Победа», «Мичурин» колхозтарга хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит.
1960 сылтан 1975 сылга диэри үрдүк үүнүү звеноводунан үлэлээбит. Үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин Правительство кини үлэтин үрдүктүк сыаналаан Бочуот Знага уонна Үлэ Кыһыл Знамята орденнарынан уонна элбэх мэтээллэринэн наҕараадалаабыт.
Наҕараадалара:
- РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай күрэхтэһиитин туйгуна (1964 с. ыам ыйын 20 к.)
- 396350 №-дээх Үлэ Кыһыл Знамятын Ордена (1966 с. бэс ыйын 23 к.)
- Владимир Ильич Ленин 100 сааһыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл (1970 с. муус устар 15 к.)
- Юбилейдаах социалистическэй күрэхтэһиигэ ситиһиитин иһин «Саха АССР 50 сыла» түөскэ кэтэр өйдөбүнньүк бэлиэ (1972 с. бэс ыйа)
- 840780 №-дээх Бочуот Знага Орден (1972 с. ахсынньы 15 к.)
- «1941-1945 сс. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 30 сыла» юбилейнай мэтээл (1975 с. муус устар 25 к.)
- «Тохсус пятилетка ударнига» (1976 с. тохсунньу 12 к.)
- «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл (1981 с. алтынньы 27 к.)
Биһиги хос эбээбит Анна Михайловна 1923 сыллаахха Бэрт-Ууһугар төрөөбүтэ. Эдэр сааһыгар быраатынаан Мэхээстиин тулаайах хаалбыттара. Быраатын бэйэтэ көрөн-истэн сэрии ыар сылларын намчы санныгар сүгэн ааспыта. Уон аҕыс саастаах кыыс 1941 сылтан 1947 сылга диэри Балыктаах ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бу үлэлээбит сылларыгар биир да сүөһү өлбөтөҕө, бу кини эдэркээн кыыс үлэни таба дьаһайбытыгар, дьону түмэн таһаарыылаах үлэни тэрийбитигэр, оччотооҕу сэрии, сут-кураан сылларыгар ситиһилиннэҕэ.
Сүөһүнү сыл таһаарар, былааны толорор туһугар былыргы дьахталлар үлэ бөҕөнү үлэлээн, барыта Кыайыы туһа диэн муҥнанаахтыыллара. Аны дьиэлэригэр аччык оҕолоро, таҥас-сап суох. Хайдах тулуйаахтаабыттара буолла?
Колхоз тиэрдиллибит, ирдэнэр былааны барытын толорор буолара. «Балыктаах“ колхозка сутааһын улахан буолбатаҕа. Ыһыыттан ордубут сиэмэни кистээн үллэстэллэрэ. Итии аһылыгы тэрийэн, интернат аһан оҕолору аһаталлара.
1947 сыллаахха огдообо киһиэхэ, биһиги хос эһээбитигэр кэргэн тахсар. Хос эбэм быраата Мэхээс ол бириэмэҕэ 12-лээх этэ. Онтон хос эьэм бастакы кэргэниттэн төрөппүт уола Сэмэн 17-лээҕэ. Ол кэнниттэн 9 оҕону төрөөн, иллээх-эйэлээх улахан ыал буолбуттара.
Наҕараадалара:
- 1941 – 45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээл
- Ийэ буолуу I истиэпэннээх мэтээлэ, 1960 с. муус устар 25 к.
- «Материнская Слава» Орден үһүс истиэпэнэ, 1961 с. бэс ыйын 8 к.
- «Материнская Слава» Орден иккис истиэпэнэ, 1963 с. ахсынньы 10 к.
- «Материнская Слава» Орден бастакы истиэпэнэ, 1966 с. ахсынньы 29к.
Үйэтитии
Биһиги хос Эһэбит, «Бочуот Знага», «Үлэ Кыһыл Знамя» уордьаннар кавалердара, ССРС тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сивцев Николай Николаевич, хос эбэбит, Петрова Анна Михайловна, тустарынан оҕолоро «Сир ууһа Ньукулай Сиипсэп» ахтыы кинигэлэрин 2011 с. көлүөнэ ыччакка үтүө өйдөбүнньүк буоллун диэн таһаартарбыттара.
Кинигэ сүрэхтэниитэ ураты истиҥник, долгутуулаахтык ааспыта. Ахтыы киэһэтигэр биһиги хос эһэбитин кытта бииргэ үлэлээбит, салайааччылар, үөлээннээхтэрэ, аймах-билэ дьонноро истиҥник ахта-санаан, кини билигиҥҥи көлүөнэ ыччаттарыгар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэйэлэрин санааларын тиэрдибиттэрэ. Ол дьоро киэһэҕэ Сивцевтар хас да көлүөнэ ыччаттара түмсэн, ыллаан-туойан, хос эһэлэрин, эбэлэрин аатын үйэтиппиттэрэ.
2019 с. бэс ыйын бүтэһик күннэригэр Уус-Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгэр үөрүүлээх тэрээһин буолбута. Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Үлэ Кыһыл Знамя, Бочуот Знага уордьаннар кавалердара, ССРС тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, элбэх пятилеткалар кыайыылаахтара, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Николаевич Сивцев аатынан саҥа уулусса аһыллыыта уонна оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кини аатын үйэтитэн бюст туруорбут үөрүүлээх түгэннэрэ буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит бурдук үүннэрээччи Николай Николаевич Сивцев олоҕо, улэтэ үйэтитиллэн, дьонун- сэргэтин, дойдутун туһугар тохпут хара көлөһүнэ, аата-суола туруу үлэһит быһыытынан үтүө холобур буола туруоҕа.
«Сэрии» диэн уодаһыннаах тыл,
Дьон олоҕун аймаабытын.
“Сэрии” диэн тыл хаарыйбыта хас биирдии ыалы.
Өйдүүбүн!
Алаас-алаастан эр бэртэрэ,
Суостаах сэриигэ аттаммыттарын.
Саныыбын!
Хайдах эн соҕотох уолгун хаалларан,
Аттаммытын эн Читинскэй уобаласка,
Күүрээннээх үлэ фронугар.
Тиийэн кэлбитэ Өрөгөйдөөх Кыайыы!
Аҕа кууспута тапталлаах уолун.
Умнубаппын!
Эн Кыайыы туһугар,
Төрүөхтээх тоҕус оҕон иннигэр,
Бүгүннү дьоллоох олох иһин, турууласпыккын.
Махтанабын!
Мин хос эһээбэр
Улуу Кыайыыны уһансыбыккар!
Махтанабын!
Бу дьоллоох ологу бэлэхтээбиккэр!
Умнуллубатын эн олорбут олоҕун,
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ эн
Сырдык аатын ааттаннын!
Уруйдуубун!
Улуу Кыайыыны!
Айхаллыыбын!
Сэрии, тыыл бэтэрээннэрин!
Хос сиэннэрин Сандаара, Сайаана, Айсен.
Автор: С.Охлопкова, ученица 8 класса.