Гуляев Василий Гаврильевич (1927-1990 гг.)

 

1927 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр “Баргычыма” алааска төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыт. Сэрии саҕана кыһалҕаттан тохтуу-тохтуу үөрэнэн, бэһис кылааһы 1944 сыллаахха бүтэрбит. Бэркэ ааҕар, суруйар буолбут.

1945 сыллаахха ыҥырыллан сэриигэ барбыт.

1946 сыллаахха Кытайга тиийбит. Тимир суолга таһаҕас таһыытыгар, госпитальга үлэлээбит.

1947 сыллаахха дойдутугар дойдутугар эргиллэн кэлбит. Колхоз, совхоз үлэтигэр үтүө суобастаахтык, дьулуурдаахтык үлэлээбит. “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Василий кэргэннэммэтэх, бииргэ тереебут убайын дьиэ кэргэнин кытта бииргэ олорбут.

Василийы бары олус улэьит, чиэьинэй, утуе суобастаах киьинэн ахталлар.

1991 сыллаахха Балаҕаннаахха олорон уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт.

 

 

 

Авто: Винокурова М.П.