
Гуляев Петр Константинович 05.1920 с.
Уус-Алдан улууһа, Курбуһах нэһилиэгэ, «Оҕо алааһыгар» төрөөбүт. 4 кылаас үөрэхтээх, 1963 с. биригэдьиирдэр курстарыгар үөрэммит. Дьокуускай куоракка, пароходстваҕа үлэлээбит.
Хос эһэбит туһунан сылаас тылынан…
Биһиги хос эһэбит, Петр Константинович Гуляев ыам ыйын 19 күнүгэр 1920 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар Курбуһах нэһилиэгэр «Оҕо алааһыгар» элбэх оҕолоох-уруулаах Константин Ефимович уонна Епония Прокопьевна Гуляевтарга үһүс оҕонон төрөөбүт. Былыр-былыргыттан «Баргычыманан», «Оҕо алааһынан» Күүлэйэптэр аҕа ууһа олохсуйан, уутуйан олорбуттар. Оҕолор аҕалара эрдэ суох буолан үлэҕэ эриллэн улааппыттар.
1941 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыы суруктар кэлэн хомуурга түбэһэн сэриигэ аттаныы саҕаламмыта… Биһиги хос эһэбит куоракка киирэн доруобуйатынан сыыйыллан, үлэ фронугар Дьокуускайга хаалан, пароходстваҕа үлэҕэ киирэн сэттэ сыл усталаах-туоратыгар араас үлэни барытын үлэлээбит: таһаҕас таһыыта, оттук тиэйиитэ, өрүһүнэн айанныыр балык, ас-үөл төттөрү-таары сүөкэниилэрэ ылбычча киһи кыайбат үлэтэ… Онно биһиги хос эһэбит майгыта үчүгэй уонна үлэҕэ эриллибитэ бэрт буолан тулуйбута буолуо дии саныыбыт. Аны саха киһитэ нууччалар ортолоругар сылдьыыта бэйэтэ биир туһунан боппуруос. Кини ол туһунан хаһан да кэпсээбэт этэ. Сылдьарын курдук олус судургу «сылдьыахтаах буолан сырыттаҕым дии» — диэн эппиэттиэ эбитэ буолуо. Дьиҥинэн, ол сэрии кэминээҕи балаһыанньа тыылыттан-фронуттан тутулуга суох ыар олох, кытаанах ирдэбил бүрүүкээбит кэмэ…
1948 сыллаахха дойдутугар кэлбитэ сут-кураан дьыллар тураннар ийэтэ эрэйдээх оҕолорунаан хоргуйан өлбөтү эрэ үрдүнэн «күөкэһэн» олороохтууллара… Ити кэмҥэ быраата Көстөкүүн барахсан сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүт. Ону көрөн эһэбит дьонун Бороҕоҥҥо көһөрөн киллэрэн, бэйэтэ тутууга үлэлээбит, бэйэтиттэн лоп курдук 10 сыл балыс быраата Мэхээлэ кинини батыһа сылдьан тутууга үлэлэһэн өлүү паайын ылар буолбут. Онтон олох көнөн дойдуларгырар төттөрү көһөн тахсыбыттар.
Эһэбит турбут-олорбут, кэлбит-барбыт киһи буолан үлэни кыайа-хото тутан хотуулаахтык үлэлиирэ: 3-түү атынан от тиэйиитэ, мас кэрдээһинэ, мас тиэйиитэ, тутуу үлэтэ. Ити кэмнэргэ бөһүөлэктэри бөдөҥсүтүү буолан элбэх тутуу барара. Дьоҥҥо майгыта олус бэрт этэ, хос эбэбит да суох буолбутун кэннэ үгүс элбэх ыалдьыттаах-хоноһолоох буолара, үгүс ыччат киниэхэ олорон совхозка үлэлээбитэ. Быһатын эттэххэ: киһи киһитэ этэ.
Эһэбитин ыарахан ыарыы ыһыктыбаттыы ылбыта, онон хос эбэбититтэн сүүрбэ сылынан быысаһан орто дойду олоҕуттан барбыта (19.05.1920 – 24.10.1994).
Биһиги сиэттэр, хос сиэттэр эһэбит олорбут олоҕун, үлэлээбит үлэлэрин өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Авторы: А.Бандеров 6 «б» кылаас, Н.Бандерова 8 «б» үөрэнээччилэрэ.