
Григорьева Мария Семеновна (1926-1983 гг.)
“Герой-ийэ”, тыыл бэтэрээнэ
Мария Семеновна (Маайа) ахсынньы ый 15 күнүгэр 1926 с. Бүлүү улууһун Тоҕус нэһилиэгэр Хомустаахха төрөөбүтэ.
Маайа эдэр сааһа саха ыалын барытын таарыйан, олоҕун аймаан харах уутунан сууннарбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ааспыта.
Сэрии сылларыгар “Коммунар” колхозка биир бастыҥ үлэһитэ этэ. Кыайыгас-хотугас, хоһуун буолан чөҥөчөх түөрүүтүгэр, сир оҥоруутугар, сайынын окко, фермаҕа ыанньыксыттаан сылдьыбыт.
1943 с. ФЗО-ҕа барбыта. Сылтан ордук сылдьан баран, эргиллэн кэлэн колхуоска эмиэ араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Кэнники ыалдьан баран, Мария Семеновна балыыһаҕа санитаркалаабыт, дьааһылаҕа ньээнньэлээбит. Ханнык баҕарар үлэҕэ кыайыгас, бүгүрү үлэһитинэн биллэр эбит.
Наҕараадалара: “Герой ийэ” уордьан, “Ийэ албан аата” уордьан, “1941-45сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл, “Ийэ мэтээлэ” I, II истиэпэннээх мэтээллэр.
Автор: МОБУ Якутская городская национальная гимназия им. А.Г. и Н.К. Чиряевых.