
Григорьева Мария Михайловна (1927 г.р.)
Мин хос эбээм 1927 с.Чурапчы улууьун Хадаарыгар Мартыыйаан алааьыгар торообутэ. Ийэлэрэ эрдэ олон 4 о5отун а5алара хос хос ийэм Михаил Михайлович Мартьянов со5ото5ун улаатыннарбыта. 1941 с. А5а Дойду сэриитэ са5аланар сылыгар сурт кураан буолбута. Аччык, ыар олохтон улахан убайдара олбутэ. 1942 с. Эбээм 15 саастааа5ар хоту коьоруугэ барарга куьэллибиттэрэ. «Тоннон кэлэрбэр ууга-уокка былдьаммакка маннык куох турар» — диэн эбээм алааьын ал5аан барбыта.
1942 с., атырдьах ыйын ортотуттан Партия Саха сиринээ5и обкомун уура5ар соп тубэьиннэрэн чурачылары балык хостонор 3 хоту оройуонна: Кэбээйигэ, Эдьигээннэ, Булунна коьорбуттэрэ. Барыта 41 колхоз, 1655 хаьаайыстыба, 4988 киьи коьоруллэн торообут-уоскээбит алаастарыттан, оностубут – туттубут олохторуттан, хайаан да харахтан корботох сирдэригэр барарга куьэллибиттэрэ. Биьиги Хадаарбытыттан «Кыьыл кырыс» холкуостан 49 хаьаайыстыба, 160 киьи ; «3 интернационал» холкуостан 70 хаьаайыстыба, 186 киьи керуллубуттэрэ. Мин эбээм ахтытыгар кэпсииринэн то5о да эрэйи – муну кербуттэрин иьин Чурапчы дьоно аьыныгас санааларын ыьыктыбатахтара. Хлолбур: эбээм дьоно ыраах балыктыы барбыттарын кэннэ тулаайх хаалбыт дьуогэтинээн Фомина Татьяналыын комолосуьэн хапта5астан бурдукка атастаьан аьыыллар эбит. А5ата сэриигэ баран олбут, эбээтэ, эдьиийэ Бэстээххэ суорума суолламмыт санаспытын Мария Васильеван Григорьеваны ийэтэ куну быьа балыка сылдьар кэмигэр коруутэ суох хаалбытын диэн колкуостарын дьонноро туруорсаннар оччо5олорго 5 саастаах кыыьы оскуола5а киллэрбиттэр. Улахан о5олор кыралары короллоро, котор сымыытын хомуйан сииллэрэ уьу. Булунна коьоруугэ кэлбит финнэр, чурапсылар, олохтоохтор бэйэ бэйэлэрин ойоьон олорбуттарын туьунан холобурдар эбэм хааларбыт ахтыытыгар элбэхтэр.
Тумук санаам: Кун киьитэ комускэс, Айыы киьитэ аьыныгас.
1942 с. чурапчылары куус оттунэн коьоруу улус сайдыытыгар, дьонугар-сэргэтигэр чахчы улахан содулу онорбут.
Коьоруу кыьал5алаах оло5ор да сахалар обугэлэриттэн кэлбит «Кун киьитэ комускэс, Айыы киьитэ – аьыныгас» диэн ойдобулу илдьэ сылдьыбыттара элбэх олууттэн быыьаабыт эбит.
Мин хос эбээм Мария Михайловна Григорьева куустээх санаатынан, аьыныгас майгытынан киэн туттабыт.
Авторы: Хос сиэннэрэ Григорьевтар.