
Григорьева Марфа Потаповна (1933 г.р.)
Мин хос эбээм Григорьева Марфа Потаповна тыыл уонна улэ ветерана. Кини 1933 сыллаахха Ньурба улууhун Акана нэhилиэгэр тэрээбутэ.
Хос эбээм саамай улахан убайа Григорьев Василий Потапович 1921 сыллаах теруех, 1942 сыллаахха бастакы хомуурга тубэhэн сэриигэ барбыт. Сэриигэ барарын учугэйдик эйдуубун диэччи, урун акка олорон барбыта, кэргэнэ ытыы хаалбыта диэн кэпсиирэ.
Сэрииттэн биир эрэ сурук кэлбит, «Госпиталга сытабын, харахпар баа4ырдым» диэн суруйбут, онтон сотору элбутун ту4унан сурук туппуттар. Василий Потапович 21 саастаа5ар сэриилэ4э сылдьан Орловскай уобаласка элбут. Кини Жиздринскай район Пузановка диэн дэриэбинэ5э кэмуллэ сытар.
Хос эбээм о5о сылдьан бииргэ тэрээбуттэрин кытары «Молодой Большевик» колхозка сэрии сылларыгар улэлээбиттэр. 8-9 таах о5олор о5ус сиэтэн, от оттоон, мас мастаан, улахан дьону кытта тэннэ улэлиир этибит диирэ.
Хос эбээм элбэ5и кэпсээбэт этэ, мэлдьи уэрэ сылдьар, наhаа сымна5ас майгылаах эбээ этэ. Кини биhигини учугэйгэ эрэ тардыhын, элбэх билиилээх, эйэ5эс дьон буола улаатын диэн уэрэтэрэ. 84 сааhыгар бу дойдуттан барбыта.
Автор: С.Афанасьева, ученица 2 в класса.