Герасимова Федора Кирилловна 1918 с.т.

Федора Кирилловна 1918 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Сунтаар улууһун Тэҥкэтигэр төрөөбүтэ. Ийэлэрэ эрдэ өлөн , аҥаардас аҕаларын көрүүтүнэн-истиитинэн бииргэ төрөөбүттэр тулаайах аҥаардаах иитиллибиттэр. Эдьиийэ Балаагый киниттэн сүүрбэ сыл аҕа, быраата Оппуонньа  икки сыл балыс эбиттэр. Балаагый  кэргэн тахсан барбытын кэннэ быраатынаан иккиэйэҕин дьиэлэрин, хотоннорун бэйэлэрэ көрөн, үлэлээн-хамсаан олорбуттар. Аҕалара Кирилэ эдэр сылдьан  тайҕаҕа бултуу, биитэр Мухтуйанан, Бодойбонон  үлэлии, харчы өлөрө кыс устата  баран ас-таҥас , бурдук атыылаһан саас суол хаалыыта кэлэр эбит. Сөдүөччүйэ 1930 сыллаахха Тэҥкэҕэ оскуола аһыллыбытыгар үөрэнэ киирбит. 1934 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит уонна сагыы үөрэммэтэх. Быраата Оппуонньа Тойбохойго ыһыгынан ыалга олорон үөрэҕин салгыы барбыт. Федора Кирилловна  1936 сыллаахха Ойуунускай аатынан холкуос чилиэнэ буолбут. Кыра үөрэхтээх буолан  суоччутунан үлэлээбит. Сэрии ыарахан сылларыгар хонуу биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Сэрии кэнниттэн төрөөбүт Тэҥкэтигэр эмиэ холхуос араас үлэлэригэр, кэлин маҕаһыын остуораһынан үлэлээбит. Бордоҥҥо көһөрүгэр сүөһүлэрин илдьэ кэлбитэ  уонна 83 сааһыгар дылы оҕолорун, сиэннэрин үүтүнэн, этинэн хааччыйа олорбута. Үлэҕэ ситиһиилэрэ элбэх бочуоттаах кырааматаларынан  бэлиэтэммитэ, аата Бочуот кинигэтигэр суруллубута. Хас да төгүл нэһилиэк, оройуон  дьокутаатынан талыллыбыта.

Сэрии иннигэр Николаев Руф Григорьевичка кэргэн тахсыбыта , кинилэртэн икки оҕо Ольга 1940 c., Толя 1941 с.төрөөбүттэрэ. Аҕалара олох очуругар оҕустаран эрдэ өлбүтэ. 1948 сыллаахха кыра уолун Бориһы төрөппүтэ. Федора Кирилловна холкуоска дайаарканан, биригэдьииринэн, счетоводунан үлэлиир бириэмэтигэр , оҕолору үксүн эһэлэрэ Кирилэ көрбүтэ. Оҕолор улааппыттарын кэннэ Федора Степан Титович Егоровтыын холбоһон отуттан тахса сыл бииргэ олорбуттара.

Кыыһа Ольга Руфовна бастакы   кэргэниттэн Егор Даниловичтан  Лена, Люция , Гоша, Руф  диэн о5олордоох. Егор Данилович эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн хомолтолоохтук өлбүтэ. Иккистээн Григорий Филипповка кэргэн тахсан Лариса диэн кыыстаммыта. Оҕолор бары үөрэхтэнэн үлэһит буолан оҕолонон-урууланан Дьокуускайга олороллор. Ольга оҕолорун көрө-көрө Тэҥкэҕэ, Бордоҥҥо араас үлэлэргэ үлэлээбитэ.

Анатолий Руфович идэтинэн үрдүк үөрэхтээх тутуу инженерэ . Элгээйи, Бордоҥ сопхуостарга , Дьокуускай куорат тэрилтэлэригэр прорабынан, инженеринэн үлэлээн элбэх обьектары туппута дьоҥҥо-сэргэҕэ билигин да туһалыы тураллар.  Кэргэнэ Елена Матвеевналыын түөрт оҕону улаатыннардылар. Бары үрдүк үөрэхтээх араас идэлээх үлэһиттэр буоллулар. Элбэх оҕолонон төрөппүттэрин эбээ,эһээ дэтэн дьоллоотулар. Луиза, Маша, Саша, Алена билигин куорат араас тэрилтэлэрин тутаах үлэһиттэрэ.

Кыра уол Борис Егорович идэтинэн биология, химия учуутала. Бордоҥ, Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолаларыгар дириэктирдээбитэ, Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн икки ыҥырыкка үлэлээбитэ. Кэргэнинээн Тамара Ильиничналыын Дора ,  Илья , Боря диэн оҕолордоохтор. Үһүөн үрдүк үөрэхтээхтэр, Дора , Илья ыаллар, оҕолордоохтор.

 

Автор: Т-А.Балданова, ученица 6 класса.