Гаврильева (Сергеева) Мария Даниловна

Биһиги эбээбит Гаврильева (Сергеева)Мария Даниловна 1912с Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгэр орто сэниэ ыалга төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт үс аҕас-балыс кыргыттар, Аана уонна Бороскуо диэн эдьиийдэрдээх. Үөрэҕэ суох, илии баттыыра.

«Кыыс сылдьан аҕастарынаан ыһыах буоллаҕына атын алааска баран 3 түүннээх күн оһуохайдыырбыт. Сарсыарда ынах ыамын саҕана алааспытыгар сүүрэн тиийэн ынахтарбытын ыы охсоот төптөрү тэбинэрбит. Ол сылдьан үлтү көһүйэн хаалан үүнэн турар мастан тутуһан нэһиилэ олорон-туран чэпчэтинэрбит»- диэн күлэрэ.

Чиллэ Хоротун киһитэ Гаврильев Данил Егоровичтыын күһүҥҥү муҥхаҕа билсэн ыал буолбуттар. 4 оҕону төрөтөн атахтарыгар туруоран, сиэн, хос сиэн көрсөн баран төннүбүттэрэ.

Эһээбит сэриигэ бартын кэннэ эбэбит 1 оҕолоох тыылга үлэлээбит. Күнүһүн хотоҥҥо, окко үлэлээн, түүнүн иистэнэн, кутуйах хаһааһын хомуйан астанан, аан бүрүөһүн тириитин ойо быһан ылан үчэһэ маска үөлэн уокка сырайан кэриэрдэн сиэн аас-туор олоҕу ааспыппыт диэн кэпсиирэ. Сэрии бүтээтин кытта олох көнөн барбатаҕа, тиийиммэт-түгэммэт олорон түүнү күнүһү эргитэ үлэлээн этэҥҥэ ааспыппыт диирэ.

Нэһилиэк төрүттэммитин кэннэ радиоузелга оһох оттон, остуорастаан хас да ыал дьукаахтаһан олорбуттар. Эбээбит аһа ураты минньигэс буолааччы. Биири биэс гынан астаан сиэн, хос сиэн бөҕөнү киһи гынаттаабыта. Куруук элбэх ыалдьыттаах, хоноһолоох ыаллар этэ. Эбээбит хара кырдьыар диэри хотонун бэйэтэ көрөр этэ.

1998с ыам ыйыгар 84 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.

Толордо: С. Гоголоева.  хос сиэнэ, 6 «в» кылаас үөрэнээччитэ