Федотова Февронья Гаврильевна (1909-1991 сс.)

 Февронья Гаврильевна — тыыл, үлэ ветерана.

1944 сыл муус устар 14 күнүгэр Кэбээйиттэн көлөнөн туруммуттар, ыам ыйын 2 күнүгэр кэлбиттэр. 120 дууһалаах 70 хаһаайыстыба, барыта 80 сүөһүлээх «Баһылай алааһыгар» кииннээх колхозтарын сөргүппүттэр.  Күүскэ үлэлээн. 3 сылга 100-тэн тахса сүөһүнү окко атастаһан ылан 110-тан тахса сылгы, 180 ынах сүөһү баар буолбут. Төттөрү көһүү да моһоллордоох буолбут. Сүөһү үүрэн барбыт дьонтон ураты бэс ыйын 3-4 күннэригэр «Киров» пароход ылыахтаах 4 сиригэр, эрдэ биллэриллибэккэ, 270-350 км ыраахтан сатыы айаннаан чурапчылар ситэ мустубатахтар. Онон сорохторо кэнники кэлбиттэр. Орджоникидзе колхоз председателэ Михаил Софронов 10.07.1944с. Сангаарга оңорбут испииһэгэр хаалбыт дьону 75 киһини, ол иһигэр 32 оҕону суруйбут. 1963-67 сылларга Баһылай кэргэнэ Хобороостуун борооску көрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ, 1965 сылга уруккутун курдук туспа Ленин аатынан колхоз буолбуттара. 04.07.1969 сылга колхозтаах пенсиятыгар тахсыбыт эрээри, үлэттэн илиитин араарбатах. Ити сылларга от-мас тиэйэн, хотон ис-тас үлэтин үлэлээн Бүөр, Мэссээн, Бөхтүй, Бойуот алаастарынан олорбуттар.

Февронья Гаврильевна сааһын тухары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ, 1968 сыл тохсунньу 1 күнүгэр колхозтаах пенсията анаммыта. 1970 сылга Ленин аатынан колхозтан уурайарыгар үлэтин ыстааһа 39 сыл буолбут. Чурапчы исполкомун 26.05.1989 с. 153 №-х быһаарыытынан Аҕа дойду сэриитин кэмигэр балык бултааһыныгар көһөрүү кыттыылааҕа 4 №-х удостоверениелаах. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин. 1941-45 сс.» уонна юбилейнай мэтээллэрдээх. Хос эбээбит 1991 сыл ахсынньы 26 күнүгэр өлбүтэ.

 

 

Автор: А.Варламова, 2 а кылаас.