
Евдокия Иннокентьевна Федосеева
Сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ, Орто Дойдуга олорон ааспыт суолларын, кинилэр олорбут олохторун, улэлээбит улэлэрин дьоҥҥо – сэргэҕэ телевизорынан, радионан, хаhыатынан үгүс ситиhиилэрин, араас биэриилэри оҥороллор. Ол курдук мин хос эбээм тыыл, сэрии сылларын о5ото, үлэ бэтэрээнэ, Евдокия Иннокентьевна Федосеева олорон ааспыт оло5о, үлэлээбит үлэтэ сырдатыллан дьонно – сэргэ5э, о5олоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр холобур буолуон ба5арабын.
Хос эбээм, Евдокия Иннокентьевна 1929 сыллаахха Уус – Амма нэhилиэгэр «Түөнэкэй» учаастагар, Бястинов Иннокентий Дмитриевич уонна Марина Егоровна дьиэ – кэргэнигэр иккис о5онон төрөөбутэ. Бииргэ төрөөбүттэр биэс кыыс этилэр. Балта Татьяна Иннокентьевна баар, Намна олорор, 87 саастаах.
1937 сыллаахха Чычымах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 7 кылааска үөрэнэ сылдьан а5алара эрдэ өлөн үөрэ5иттэн тохтуурга куhэллибитэ. Оччолорго ийэтэ Марина Егоровна колхозка ыанньыксытынан үлэлиирэ, хос эбэм оскуолаттан бүтээт ийэтигэр көмөлөhөн үлэлээбитинэн барбыта, ийэтин кытта үлэлээн үлэ мындырын билэн үөрэнэн «Ньургуhун» колхозка чилиэнинэн киирэн бэйэтэ бас билэр ынахтанан, 10 сүөhу тутан ыанньыксыт буолбута.
Дьэ итинтэн үлэтэ са5аланар, үрүн илгэни үрүлүтэ сүүрдэр. Бу үлэлиир кэмнэригэр, сэрии са5ана сут – кураан сыллар са5аламмыттара. Аас – туор олох, ас – үөл, таҥас – сап кырыымчык, кэмигэр аhыыр – аhаабат икки ардынан, кытаанах кыстык, от – мас тиийбэт, улэhит илии а5ыйа5а, маны барытын хос эбээм хайдах барытын тулуйан, улахан дьону кытта тэннэ улэлээн кэлбитэ буолуой? Ынах ыаhын таhынан от оттоон , мас мастаан биир күн сынньанар диэни билбэккэ үлэлээбитэ. Дьэ бу маны барытын тулуйан хос эбээм күүhүн сыратын барытын ууран туран үлэлээбитэ уонна үрдүк ситиһиигэ тиийбитэ, бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта.
1000 кг, онтон 1200 – 1500 үүтү биир ынахтан ыаhын , колхоз, совхоз экономиката сайдарын са5ана аны 2000 кг кирбиини ылыы буолбута. Манна да эбээм хаалбата5а, 2000лаах кирбиини бастакынан ылбыта. Тохсус пятилетка сылларыгар 2400 кг ууту ыан, оройуонна бастаабыта. Пятилеткатаа5ы былаанын болдьо5ун иннинэ толорбута.
Бу ситиhии үгүс улэттэн, сылайбат сындааhынтан тахсыбыт үлэ буолар. Евдокия Иннокентьевна 1967 сылтан партия бэриниилээх чилиэнэ. 1978 сыллаахха Уус – Амматтан, Орто Амма5а кеhен кэлэн эмиэ ыанньыксытынан улэтин са5алаабыта.
Манна кэлэн «Саха ЯАССР» 50 сыла ферма5а старшайдаабыта. Бу улэлиир кэмигэр, элбэх эдэр ыччаты угуйан, уерэтэн таhаарбыта. Араас оройуонтан комсомольскай путевканан о5олор улэлии кэлэллэрэ. Бу о5олорго кини ийэлии амарах сыhыанынан, үлэ5э ылбыт опытыттан, билиититтэн – көрүүтүттэн бэрсэрэ. Куруук сүбэлии – амалыы сылдьара уонна кинилэр ситиhиилэриттэн үөрэрэ.
Кини салайар фермата «Саха ЯАССР 50 сыла» аатынан ферма биир фуражнай ынахтан 2053 кг үүту ыан, оройуонна бастаабыта. Тохсус пятилетка соруда5ын 4 сыл 6 ыйынан толорбута.
40 сыл энкилэ суох биир үлэттэн илиитин араарбакка 1979 сыллаахха пенсия5а тахсыбыта уонна салгыы улэлээбитэ. Ол курдук, хос эбээм, Евдокия Иннокентьевна Федосеева, сүөhүттэн ылыллар бородууксуйаны сыллата үрдэтэн, үрдүктэн үрдүккэ көрдөрүүнү ситиспитин иhин партия, правительство үрдүктүк сыаналаабыта:
— 1965 сыл. «Лучшая доярка» ЯАССР диэн аат иҥэриллибитэ;
— 1965 сыл. 1 кылаастаах сүөhу иитиитин маастара буолбута;
— 1965 сыл. Коммунистическай үлэ ударнига;
— 1966 сыл. «Үлэ5э килбиэнин иhин» мэдээл;
— 1975 сыл. «Ударник 9й Пятилетки» знак;
— 1977 сыл. «Үлэ кыhыл Знамя» орден кавалера;
— 1977 сыл. «Саха АССР тыатын хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ» аат инэриллибитэ;
— 1977 сыл. Тохсус ыҥырыылаах Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллыбыта;
— 1978 сыл. «Үлэ5э килбиэнин иhин» мэдээл;
— В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах мэдээл;
— Тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылларын о5олоро, үлэ бэтэрээнэ мэдээллэрдээх.
Маны таhынан үгүс элбэх Почетнай грамоталара, махтал суруктара, соц. куоталаhыы знактара, грамоталара, сыаналаах бэлэхтэрэ, фондалара, путевкалара кини бочуоттаах үлэтин туоhулара буолаллар.
Хос эбээм 1996 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Эбээбит баара буоллар 95 саастаах буолуо этэ. Кини 2 о5олоох, 7 сиэннээх, 17 хос сиэннээх. Хос эбээм ситэ олорботох оло5ун сиэннэрэ, биhиги, хос сиэннэр сал5ыахпыт. Кини аатын уйэтитиэхпит. Хос эбээбинэн киэн Туттабын!

Федосеева Евдокия Иннокентьевна

Портрет Евдокии Иннокентьевны
Автор: Э.Павлов, ученик 5 класса.