1935 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата кыайан көрөр кыаҕа суох буолан иитиэххэ биэрэр. Онон хос эбэм ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улаатар. Тулаайах оҕо хобдох олоҕун этинэн-хаанынан билэр.
7 кылаас үөрэхтээх. Кыра сааһыттан холкуос үлэтигэр-оҕуруокка, ыһыыга, окко үлэлиир. 14 сааһыттан тырахтарыыстыыр. Сүөһү үлэтигэр сыстар. Холкуос үлэһитэ буолан ыанньыксыттыыр.
Хос эбэм Мааппа -сэрии кэмин оҕото,сэрии, тыыл бэтэрээнэ, Улуу Кыайыыны, дьоллоох олоҕу уһансбыыта.Чемпион ыанньыксыт, Ходоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Хос эбэм Мааппа — Үлэһит үтүөтэ, Майгылаах бастыҥа, Кэрэ киһи, Үтүө холобур буолар.
Үүнэн-сайдан, Үлэлээн-хамсаан, Кэрэни үксэппит, Дьолу айбыт.