Федорова (Беляева) Марфа Владимировна
Дьолу киһи айар
Быйыл дойдуга өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 80 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиибит. Кыайыы хайдах кэлбитэй, ону кимнээх уһансыбыттарай? Бу ыйытыыга хоруйу хас биирдиибит билиэхтээхпит. Уруккуну билэр киһи онно тирэхтэнэн инникитин айар-тутар.
Миэхэ үтүө холобур буолар, олус ытыктыыр, махтана ахтар киһилээхпин. Кини – хос эбэм Марфа Владимировна Федорова (Беляева). Хос эбэм Мааппа биһиэхэ, оҕолоругар, ыччатыгар, аймах-билэ дьонугар-сэргэтигэр, бүгүҥҥү дьоллоох олохпутун уһансыбыт, Улуу Кыайыы буоларыгар тус кылаатын үлэтинэн-хамнаһынан киллэрсибит күндү киһибит.
1935 сыллаахха хос эбэм күн сирин көрбүт. Кини хара төрүөҕүттэн олох кыһарҕанын көрсүбүт. Ийэтэ хос эбэбин оҕолоноот, өлбүт. Онон аҕата кыһыл оҕону кыайан көрөр кыаҕа суох буолан, дьоҥҥо иитиэххэ биэрбит. Хос эбэм ол иһин ийэ-аҕа истиҥ тапталын, амарах сыһыанын билбэккэ улааппыт. Тулаайах оҕо хобдох олоҕун этинэн-хаанынан билбит. Ииппит дьоно тоҥуйдук, кытаанахтык сыһыаннаһан киһи-хара гыммыттар.
Хос эбэм 7 кылаас үөрэхтээх. Кыра сааһыттан холкуос кытаанах үлэтигэр эриллэн, оҕуруокка, ыһыыга, окко үлэлиир. 14 сааһыттан тырахтарыыстыыр. Кэлин сүөһү үлэтигэр сыстан, үйэтин тухары ыанньыксыттыыр. Ынахтан элбэх үүтү ыан чемпион ыанньыксыт, холкуос туруу, бастыҥ үлэһитэ эбит. Үчүгэй көрдөрүүлээх үлэтин иһин сыаналаах бириэмийэнэн элбэхтик наҕараадаламмыт.
Хос эбэм Мааппа сэрии кэмин оҕото, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Ходоро нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Кини уоттаах сэрии аас-туор кэмигэр күүстээх үтүө санаатынан, үлэһитинэн, олоххо тапталынан Кыайыыны уһансыбыт дьонтон биирдэстэрэ. Соҕотох бэйэтэ ыал буолан, сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн-такайан, Федоровтар аймах кэскилин кэҥэппит. Кини биһиэхэ, сиэттэригэр, сэрии кэмин ыар олоҕун кэпсиирэ, аны хаһан даҕаны бу олоххо сэрии эрэ буолбатын, бары этэҥҥэ үлэлээн-хамсаан сылдьыҥ диирэ. Киһи үлэлээн киһи буолар диэн куруутун этэрэ.
Хос эбэм Марфа Владимировна эйэлээх олох туһугар олоҕун анаабыт ытык киһибит буолар. Кини биһиэхэ барыбытыгар олох хайа да түгэнигэр дьолу киһи айарын бэйэтин холобурунан көрдөрбүтэ. Кыайыыны уһансыбыт хос эбэм аата үйэлэргэ ааттаннын! Суруйуубун хоһооммунан түмүктүүбүн:
Хос эбэм Мааппа –
Үлэһит үтүөтэ,
Майгылаах бастыҥа,
Үтүө холобур биһиэхэ.
Үүнэн-сайдан,
Үлэлээн-хамсаан,
Кэрэни үксэппит,
Дьолу айбыт.
Хос эбэбэр – Махтал! Таптал! Эрэл!
Толордо: Н.Степанова, 4 “б” кылааһын үөрэнээччитэ
Салайааччы: А.Е. Винокурова