
Евдокия Романовна Бетюнская (Корякина) (1929-1985 гг.)
Евдокия Романовна Бетюнская (Корякина) 1929 сыллаахха кулун тутар 13 күнүгэр Булуҥ улууһун Күп Эдьээн нэһилиэгэр төрөөбүт. Хос эбэбит 12 сааһыттан тулаайах хаалбыт, ыал соҕотох оҕото эбит. Чекуров сэлиэнньэтигэр күннээҕи аһын булунаары, ыалга оҕо көрөн, таҥас сууйан, дьиэ-уот көрсөн олорбут. Оннук эрэйи көрө сырыттаҕына, аймаҕа дьахтар оҕо тулаайах хаалбытын истэн кэлэн бэйэтигэр ылбыт.
Хос эбэбит Евдокия Романовна 14 сааһыттан «Кыайыы» холкуоска балыксытынан үлэлээбит. Оннук үлэлээн, ас нуорматыгар тиксэн киһи-хара буолбут. 19 сааһыгар хос эһэбитигэр Константин Васильевич Бетюнскайга кэргэн тахсыбыт. Таба ыстаадатыгар чуум үлэһитэ буолбут. 12 оҕоломмуттарыттан 5 эрэ оҕо тыыннаах хаалбыт. Олортон улахан кыыстара биһиги аҕабыт ийэтэ. Сорохторо, хомойуох иһин, көһө сылдьар ыарахан олохтон кыраларыттан өрүттүбэтэхтэр.
Хос эбэбит Улуу Кыайыыны уһансыыга хайа да эр киһиттэн итэҕэһэ суох үлэлээбит. Тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ эбит. Түүлээхтэн таҥас арааһын тигэн абырыыра диэн биир дойдулаахтара сылаастык ахталлар. Олус үчүгэйдик ыллыыр үһү. Күүстээх куолаһынан Сэрии туһунан ырыалары харах уулаах ыллыыра диэн кэпсииллэр.
Хос сиэннэрэ: Э., А., Д.Барбасытовтар