Ефремова Акулина Афанасьевна- тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 1941-1945сс «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл хаһаайына.

1933с тохсунньу 29 күнүгэр Чурапчы улууһун Чакыр нэҺилиэгэр Эбэттэн чугас Бүгүйэх диэн алааска Зыковтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Онтон ийэтэ 1, аҕата 3 саастааҕар утуу-субуу өлөннөр, улахан уол Ньукулай Мэҥэ Хаҥаласка аҕатын аймахтарыгар, иккис уол Киэсэ Чакырга таайыгар Сэмэн Адаамапка, ийэбит эһэлээх эбэтигэр иитиллибиттэр.

Эбэм, уончалаах кыыс, кыһыҥҥы кэмҥэ үөрэнэр, сайынын от үлэтигэр эһэтин батыһа сылдьан көмөлөһөр. “Сэрии кэмигэр оҕолорго бурдук куоластыырга былаан биэрэллэрэ, мин Адамова Маасалыын бурдук куолаһа ичигэстиир этибит, ол былааммытын толороору кутуйах хасааһын кытары көрдөөн булан эбэн биэрэрбит. Ону таһынан моҕотойдуурбут, ону эһэм сүлэн, ыраастаан биэрэн, ол тириитин туттарарбыт” диэн кэпсээн аһарааччы. Ол курдук үлэһит илии тиийбэт буолан, кыра саастаах оҕолор кытары үлэһит дьон буола түспүттэрэ.

Урукку кырыымчык кэм оҕото тулаайах хаалан таҥаһа-саба, олорор дьиэтэ суох буолан 4-с кылааҺынан үөрэнэн бүтэргэ күһэллибит.

14 сааһыттан холкуоска төрүүр тиҥэһэ тутан, ыанньыксыттаан барбыта, хааччыйыыга сылдьыбыта. Хамнас диэн суоҕа, дохуоттарын этинэн, арыынан, кыра таҥас сыыһынан аахсаллара, оччотооҕу дьон сиэринэн сэрии ыар кэмин олоҕун толору амсайбыт дьон буор-босхо да үлэлииллэрин кэрэйбэт этилэр.

1956 сыллаахха Хондуга, Көбөрдөөх сайылыгар, ыанньыксыттыы сылдьан, Ефремов Николай Николаевичтыын ыал буоланнар, Чакыр нэһилиэгэр бастакы комсомольскай сыбаайбаны оҥорбуттара. Бастаан «Правда” холхуоска, онтон Эрилик Эристиин аатынан колхуоска, сопхуоска үлэлээбиттэрэ. Иккиэн даҕаны ыарахан үлэҕэ оҕо эрдэхтэриттэн эриллэн улааппыт буоланнар, үлэни-хамнаһы кыайар холхуос төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара: хос эһэм – кадровай булчутунан, тутааччынан, хос эбэм – ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн өр сылларга бэриниилээхтик, бэйэлэрин харыстаммакка, үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Оччотооҕу ыанньыксыттар ынахтара төрүөҕүттэн ньирэйдэрин борооскуга киириэр диэри бэйэлэрэ көрөллөрө-харайаллара, ноһуомнарын бэйэлэрэ таһаараллара, ынахтарын бэйэлэрэ от киллэрэн аһаталлара, ону таһынан хас биирдии ынахха, ньирэйгэ сиэлинэн быа хатан баайаллара. Оҕолонон баран ый буолаат хотонноругар үлэлээбитинэн бараллара. Ону таһынан холкуостаахтар бары суопсунас сүөһү ииттинэллэрэ, онон аһаан-сиэн олороллоро. Эбэм  уҥуоҕунан кыра гынан баран, сүрдээх күүстээх-уохтаах, кыайыгас-хотугас дьахтарынан биллэрэ.

Дьиэ-уот туттан, сэттэ оҕону төрөтөн, сүөһү-ас ииттэн, ньир-бааччы ыал буолан үлэлии-хамсыы тигинэччи олорбуттара. Оҕолорун эт-хаан өттүнэн доруобайдык ииппиттэрэ, мындыр өйү сайыннарар дуобакка уонна саахымакка уһуйбуттара. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ дьиэ иһинэн дуобакка, саахымакка күрэхтэһии тэрийэллэрэ, ситиһиилэрин улахан экран  оҥорон истиэнэҕэ ыйаан иһэллэрэ.

1970 сыллаахха, элбэх үүтү ыаһыҥҥа үрдүк көрдөрүүтүн иһин холхуос салалтата босхо путевка биэрэн, Казань, Москва, Ленинград куораттарынан күүлэйдээн кэлбитэ. 1974 сыллаахха, атаҕын өлөрөн, 20-тэн тахса сыл үлэлээбит ыанньыксытыттан тохтоон, фермаҕа ньирэй көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Бу сылтан ыла кыһынын борооску, сайынын ньирэй көрөрө, ньирэйдэрэ 3 центнергэ тиийэ улааталлар этэ. Онтон пенсияҕа тахсан да баран чааһынай хотонугар мөлтөх туруктаах ньирэйдэри ылан кыстатара, улаатыннаран сопхуоска туттарара, биир да ньирэйи өлөрбөккө сыл таһааран 2 төгүл эбии төлөбүр борооскунан бириэмийэлэммитэ.

Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин  холхуос, сопхуос, оройуон, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта туоһулуур.

Нэһилиэк олоҕуттан туора турбат этэ, эдэригэр кэнсиэрдэргэ ыллыыра, частушкалыыра,  араас тэрээһиннэргэ көхтөөх буолара. Кэргэнин кэнниттэн 40 сыл хаалан, оҕолорун үөрэхтээн, үлэһит оҥортоон, урууларын тэрийэн, дьиэлээн-уоттаан барыбытын атахпытыгар туруорбута, ийэ быһыытынан үрдүк аналын дьоһуннук толорбута. Элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэрдэнэн эбээ буолар дьолун билбитэ. 89 сааһыгар диэри сиэннэрин көрсөн,  хос сиэннэрин бүтэһик күнүгэр диэри бүөбэйдэһэн  саахымакка, хаартыга, ахсааҥҥа үөрэппитэ.