Ефимова Елена Николаевна Дата рождения: 1929-07-01

Место рождения: Ньурба оройуона, Малдьаҕар нэhилиэгэ

Место работы: колхуос

Должность: ыанньыксыт

Воспоминания: Мин хос эбэм Ефимова Елена Николаевна от ыйын 1 күнүгэр 1929 сыллаахха Ньурба оройуонун Малдьаҕар нэhилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга бастакы оҕоннон төрөөбүтэ. Аҕа дойду сэриитэ сагаланарыгар кини 12 саастаах этэ. Ийэтигэр, дьиэ үлэтигэр, иистэнэргэ, от улэтигэр көмөлөhөрө. 13 сааhыттан төрөөбүт дойдутугар колхуоска ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүннэн  үлэлээбитэ, сайынны бирэмэҕэ от  үлэтигэр сылдьара. Сэрии ыар сылларыгар үлэлээн элбэх эрэйи-муну көрбүтэ. Ытыы ытыы ынах ыыр этим диэн кэпсиирэ. Кэлин 1953 сыллаахха хос эhээбин Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын көрсөн ыал буолан 4 огону төрөтөн улаатыннарбыттара. Мин хос эбэм Елена Николаевна тыыл бэтэрээнэ. Кэлин пенсияга тахсыар дылы оҕо саадыгар ньээньэннэн үлэлээбитэ. Эбэм 2024 сыл от ыйын 2 күнүгэр  95 сааhыгар күн сириттэн барбыта. Кини элбэх сиэннээх, хос сиэннэрдээх.

Автор записи: В.В.Ким