Дата рождения: 01.07.1916
Место рождения: Чурапчинский улус, Сыланский наслег
Место работы: колхоз, совхоз
Должность: заведующий
Воспоминания: Хос эһээм Дьячковский Роман Николаевич 1916 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Чурапчы оройуонун Сылаҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сут-кураан дьыллар тураннар бэйэтэ 5 кылаас үөрэхтэммитэ.

1942-1944 сс. Кэбээйигэ көһүүгэ сылдьыбыта, онтон тыыннаах ордон эргиллэн кэлэн колхоһугар хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьан 1945 сыллаахха Дьокуускайга «Советскай тутуу» алта ыйдаах курсугар үөрэммитэ. Курсу бүтэрэн баран Кытаанах нэһилиэгин сельскай сэбиэтин председателинэн ананан үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха ыам ыйыгар Прасковья Михайловна Друзьянованы кэргэн ылан, 50-тан тахса сыл бииргэ олорбуттара, 7 оҕоломмутара. 1947-1953 сылларга дойдутугар «Комбайн» колхоз председателинэн үлэлээбитэ. Кэлин колхозка хонуу биригэдьииринэн сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн 23 сыл устата тохтоло суох колхоз, совхоз салайар үлэлэригэр сылдьыбыта. Пенсияҕа 1971 сыллаахха тахсыбыта. Тыыл бэтэрээнэ, Сылаҥ нэьилиэгин бочуоттаах гражданина, нэһилиэк сэбиэтигэр хаста да депутатынан талылла сылдьыбыта.

Хос эһээм биһиэхэ анаан «Сиргэ төрөөн, киһи буолан» диэн кинигэни суруйбута, 2007 сыллаахха оҕолоро бэчэттээн таһаарбыттара.

Хос эһээбит кэс тыла: «Эһигини, бары аймахтарбытын, ордук бу бытырыыс курдук элбэх оҕолорбутун, кэнчээри ыччаттарбытын бэйэ-бэйэлэрин билистиннэр, кинилэр кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын, хантан, кимтэн силис тардан тахсыбыттарын биллиннэр диэн уонна эһигини барыгытын бииргэ тумээри бу ыһыаҕы тэрийэн ыытарга сөбулэспитим. Түмсүүлээх буолуҥ, ыарахан куҥҥэ-дьылга сүүс-сүүскүтүттэн өйөнсуҥ, оччоҕуна, өлөн-охтон биэриэххит суоҕа. Биһиги аймах өссө кэҥии, сайда-үүнэ туруохтун!».
Хос эһээбит 1996 сыл от ыйын 6 кунугэр Лэбийэ алааска кыһыл көмус сыбаайбатыгар уонна 80 сааһын туолбутун бэлиэтээн ыыттарбыт ыһыаҕар этиититтэн.


Автор: Эртюков Владимир Гаврилович