Аҕабыт, эһээбит Федоров Роман Романович ийэтэ, эбээбит, хос эбээбит Докторова Александра Трофимовна 1921 сыллаахха Кэбээйи оройуонун Тыайа нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ- кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Биэс бииргэ төрөөбүттэртэн улаханнара буолан балтыларын уонна быраатын көрсөн улааппыта.
Сэрии сылларыгар колхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Ол быыһыгар ичигэс таҥас, үтүлүк, кээнчэ тигэн фроҥҥа ыыталлара.
Сэрии кэнниттэн Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх учуутал Федоров Роман Михайловичка кэргэн тахсан көһөн кэлбитэ. Икки кыыс, сэттэ уол оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ. Чөркөөххө оҕо уһуйааныгар ньээҥкэнэн пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Онтон «Таатта» совхозка фермаҕа ыанньыксытынан 70 сааһын ааһыар дылы ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, наставниктаабыта.
1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитин кэмигэр «Килбиэннээх үлэтин иһин» үбүлүөйүнэй, «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэринэн, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ,
Президент грамотатынан, «Ийэ Албан аат» 1-2 степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
Үлэттэн тохтоон баран туоһунан сахалыы иһиттэри тигиинэн, оҕуруонан дьарыктаммыта. Чаппараах, кычым тигэн сиэннэригэр өйдөбүнньүк хаалларбыта.
Сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэннэр тапталлаах эбэлэрэ буолан олорон 93 сааһыгар сылдьан олохтон барбыта.
Автор: К.Федотова, ученик 2 класса.