Докторов Иннокентий Петрович (1933-2021 гг.)

 

Докторов Иннокентий Петрович (1933-2021) – сэрии сылын о5ото, улэ, тыыл ветерана.

Докторов Иннокентий Петрович 1933 с тохсунньу 17 кунугэр, Уус-Алдан улууьун Арыылаах боьуолэгин, Артамаан диэн алааьыгар Докторов Петр Егорович уонна Аммосова Парасковья Николаевна диэн ыалга тордус о5онон торообутэ.

8 саастаа5ар сэрии са5аламмыта. Кыайар-хотор дьоннору барыларын сэриигэ хомуйаннар улэьит киьи а5ыйаабыта. Ол иьин кыра о5олору сайынын алаастарга ынах саа5ын ыраастаталлара, ол аата от уунэригэр алааьы бэлэмнииллэрэ. От улэтин кэмигэр о5ус сиэтэрэ, ойуо таьара. Сэрии са5аланыытыгар бастакы хомуурга барбыт дьоннортон биир да киьи тоннубэтэ5э.

Сайынын Чаран сайылыкка сайылыыллара. Ийэтэ суоьу улэьитэ буолан аччыктааьын кэмигэр тыыннаах хаалбыттара. Орто-Эбэ 7 кылаастаах оскуолатыгар уорэнэ сылдьан ыалдьан уьус кылааьынан уорэнэн буппутэ. Ол кэмнэ «Халымда» диэн Арыылаахтан 3-4 км тэйиччи сытар алааска олороллоро. Кыьынны тымныыга кун аайы онтон сылдьан уорэнэллэрэ.

Сут-кураан буолан куоллэр уолан хааланнар, саамай дирин, хаьан да уолбат «Кэтириискэ» чуомпэтэ олох уолан 2 миэтэрэлээх кирилиэс оностон уу баьар буолбуттара. Сэрии буппутун туьунан сурах кэлбитигэр, Орто-Эбэ5э улахан бырааьынньык буолбута.

Оло5ун тухары араас улэлэргэ улэлээбитэ. Ол курдук тутууга маастардыыр кэмигэр Арыылаах кулуубун, детсады, Балыктаахха 100 миэтэрэ уьуннаах улахан хотону уонна Бэйдинэнэн, Арыылаа5ынан чааьынай дьиэлэри тутуспута. Кэлин арыы собуотугар моториьынан, онтон пенсияга тахсыар диэри совхозка электригынан улэлээбитэ.

Килбиэннээх улэтин араас мэтээллэрэ, грамоталара туоьулууллар.

 

Толордулар хос сиэннэрэ Арина Васильева 2б уонна Сайдам Васильев 6б кылаас уорэнээччилэрэ, МОБУ «Саха гимназия»