Дегтярев Петр Емельянович 

 

  • А5а дойду улуу кыайыыта тумуктэммитэ быйыл 80 сылын туолар. Бу ынырыктаах уот сэрии биьиги дьиэ кэргэни быьа ааспата5а. Мин хос эьэм эмиэ Япония сэриитигэр кыттыыны ылбыта.
    Биьиги сэрии туьунан кинигэттэн, киинэттэн эрэ билэбит. Сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит эьэм туьунан сиьилии билиэхпин ба5арабын.
    Мин эьээм от ыйын 7 кунугэр 1925 с 11 легей нэьилиэгэр « Сыалдьа хаалбыт » диэн алааска Дегтярев Емельян Игнатьевич уонна Анастасия Петровна Дегтярева дьиэ кэргэннэ кун сирин кербут.
    Ийэлээх агата 10 оголоохторуттан ус эрэ ого хаалбыттара, бары кыра саастарыгар елбуттэрэ. Эьээм бииргэ тереебут эдьиийэ 1939 с балык бултааьыныгар Булунна баран баран теннубэтэх, онтон балта 5 саастаагар сэрии иннинэ елбут. Агата 1936 с елбут. Ийэтинээн иккиэйэх хаалбыттар.
    1933 сыллаахха Хаптана оскуолатыгар уерэнэ киирбит. 3 кылаас уерэнэн бутэрэн баран холкозка араас улэлэргэ улэлээбит.
    1945 сыл бэс ыйын 7 кунугэр бэбиэскэ тутан армияга ынырыллыбыт. « Калинин » холкуостан эьээм уонна « Кыьыл Куус » холкуостан Аржаков Кестекуун диэн киьилиин иккиэ буолан 11 Легейтен барбыттар. Илин фронна, Япониянан, Монголиянан сылдьан сэриилэспит. 1951 сыл бэс ыйын 7 кунугэр тереебут дойдутугар эргиллэн кэлбит эбит.
    Сэрииттэн теннубут хорсун буойуттар. Хаартыскага Улуу сэриигэ кыттыбыт саллааттар, кинилэр кэккэлэригэр мин хос эьээм Петр Емельянович баар.

    Хос Эьээм На5араадалара, Мэдээллэрэ:
  • « Японияны кыайыы иьин » — медаль ( 1946 с)
  • « Улэ ветерана » — медаль
  • Почетнай гра« 1941 – 1945 сс А5а дойду сэриитигэр килбиэннээх улэтин иьин» — медаль (1992 с)
  • моталар
  • Э5эрдэ суруктар
  • Сэбилэниилээх Куустэр, Кыайыы юбилейнай медаллара

    Э5эрдэ сурук «Дорогому ветерану»
    Б.Н. Ельцин уонна Маршал Гречко.

    Президент В.В. Путин эгэрдэ суруктара

    Армияттан кэлэн баран « Калинин» колхуоска улэлээбитэ.
    Ону тэнэ 1953 сылтан беьуелэк тутуутугар улэлэспит. Улахан, кыра тутууларга тэнинэн сылдьан улэлээбитэ.
    1958 сыллаахха кыра колхуостар холбоьон « Партизан Заболоцскай » диэн колхуос тэриллибит. Тракторист уерэгин баьылаан тракториьынан ер кэмнэ улэлээбитэ.
    1974 сыллаахтан колхоз совхоз буолан уонна 1 Легей нэьилиэгин кытары холбоьон беденеебут. Пенсияга тахсыар диэри ДТ 75 диэн тракторынан совхоз араас улэлэригэр сылдьыбыт.

    Колхозка ер сылларга трактористаабыт. Маннай суоппардаабыт трактора ДТ – 54. Пенсияга тахсыар диэри ДТ – 75 тракторга тракториьынан улэлээбит.
    1980 сыллаахха эьээм пенсияга тахсыбыт. Ол да боллар дьиэгэ олорон хаалбатага. Саьыл ферматыгар, тутууларга улэлээбитэ, оголорун-сиэннэрин иитээри ынах , сылгы иитиитин кэнэппитэ. Сайын ахсын оттоьоро, себулээн туран балыктыыра, дьиэ ис-тас улэтигэр улэлэьэрэ.
    Эьээм угус сыллаах – сыралаах улэтин туоьулуур элбэх ахсааннаах грамоталардаах, араас степеннээх дипломнардаах, хай5абыл суруктардаах.


Улэттэн толлон турбакка!

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Саьыл ферма5а — тутаах улэьит эбит
Хос эьээм Буетур самаан сайын силигирээн турдагына ат сууруутун кэмигэр догорут, тапталын Шураны керсубутэ. Куьун 1954 сыллаахха олохторун холбоон ыал буолбуттара. Бастаан Аллараа Билиигэ кыра дьиэ5э хас да ыал буолан дьукаах олорбуттара. Онтон 1959 сыллаахха Сыьыыга дьиэ туттан кеьен кэлбиттэрэ. Утуу – субуу 11 о5оломмуттара. 1975 сыллаахха хос эбээм Александра Ивановна Герой Ийэ бочуоттаах аатын ылбыта. Эьээм эбээбинээн ейдеьен- ейеьен, иллээх сыьыан аргыстанан 40 сыл олорбуттар.
Хос Эбээм Бурцева Александра Ивановна Уус-Алдан 2 Легей нэьилиэгин бочуоттаах олохтоого, улэ- тыыл ветерана этэ, Герой ийэ урдук аатын сукпутэ. Хос эбээбэр анаммыт махтал суруктар, грамоталар, мэдээллэр


Мин хос эьээбинэн Петр Емельянович Дегтярев уонна хос эбээбинээн Александра Ивановна Бурцеванан киэн туттабын. Кинилэр утуе санаалара, сылаас майгылара, куустээх санаалара, элбэххэ уерэтиилэрэ биьиэхэ кэнэ5эски ыччаттарыгар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр куруутун бойобуой сыьыаннара, утуену кэрэни кэрэхсииллэрэ биьи ейбутугэр – санаабытыгар еруу тыыннаах!

 

 

 

Автор: А.Дарамаев, ученик 6 «г» класса.