Давыдов Прокопий Иванович, 1926г.р.

Мин хос эhээм Давыдов Прокопий Иванович 1926 сыллаахха Сахсаҕа  төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт 8 бырааттыы этилэр. Ийэлэрэ хараҕа ыалдьар буолан ыарахан үлэни үлэлээбэтэ, аҕалара икки хараҕа суох буолан дьиэҕэ олороро. Улахан убайдарын Сэмэни сэриигэ илдьэ баран оҕолор колхоз үлэтигэр киирбиттэрэ. Сайын от мунньаллара, сир табыйаллара, кыhынын ыалга үлэлииллэрэ.

Колхозка үлэлээтэхтэринэ биир муунта лэппиэскэ, биир муунта суорат биэрэллэрэ. Олохторо улам ыараан, ас-таҥас суох буолбута. Улахан аар-туор аччыктааhын кэлбитэ. Онон бары ыал аайы кумалаҥҥа сылдьан тыыннах хаалбыттара. Аҕалара икки хараҕа суох сытан өлбүтэ. Убайдара Сэмэн армияттан 1943 сыллаахха хаҥас хараҕын ылларан төннөн кэлэн дьэ бары түмсэн ыал курдук олорбуттара.

1942 сыллаахха Мудан начальнай оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1942 сыллаахха «II пятилетка» колхозка чилиэнинэн киирбитэ, колхозка араас үлэҕэ илиитинэн үлэлээбитэ.

1945 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Япония сэриитигэр хааччыйар чааска сылдьыбыта. 1950 сыллаахха  армияттан эргиллэн кэлбитэ.

1950-1959 сылларга колхозка бастаан кладовщигынан, онтон УТФ биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1959-1969 сыллырга 10 сыл ыанньыксыттаабыта. Ити кэмҥэ эр дьоннортон аан маҥнай 1500-лаах кирбиини ылбыта. 1969-1973 сылларга «Марха» совхозка УТФ биригэдьииринэн иккистээн үлэлээбитэ.

1973 сыллаахха ыалдьан уурайбыта, кыра араас үлэҕэ үлэлээбитэ. 1974-1978 сылларга бастакы группалаах инбэлиит буолар. 1978-1983 сылларга Совхозка иккиhин кладовщик буолар. Пенсияҕа тахсан баран Акана интернатыгар  кочегардыыр. Үлэлиир кэмин устатыгар чиэhинэйин, дьулуурдааҕын көрдөрбүтэ. Билигин хос эhэбит 21 сиэннээх, 36 хос сиэннээх. Биhиги бары эhээбитинэн киэн туттабыт, куруук өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Николаева Ника, 6 «Г», Николаева Снежана Дьокуускай куорат 25 №-даах оскуолатын 3в кылаас үөрэнээччилэрэ. Олунньу, 2025с..