Данилов Василий Кириллович – Хара Баhылай 1896 т.с.

.

Төрөөбүт сирэ: үөhээ- Бүлүү улууhа, Чуукаар нэhилиэгэ

Улэлээбит сирэ: Холхуос, булчут, тутааччы

Мин хос-хос эhэм үөhээ-Бүлүү улууhун Чуукаар нэhилиэгэр 1896 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини дьонугар — сэргэтигэр «Хара Баhылай» диэн аатынан биллэрэ. Бииргэ төрөөбүттэр аҕыс этилэр, түөрт кыыс, түөрт уол. Дьаданы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ.

Кыра сааhыттан үлэҕэ мускуллан улэни таптыыр буола улааппыта, бултуура үьү.

Сэрии кэмигэр сайынын холкуоска окко, кыhынын бултуур этэ.

Сэрии ыар сылларыгар ордук дьаныhан туран бултаабыта. Аччык, кураан дьылларга элбэх киьи тыынын быыhаабыта. Булдун тириитин туттарар этилэр.

Сэрии кэнниттэн бултуурун бырахпатаҕа. Сайын тутууга улэлиирэ. Хос-хос эhэм Чуукаарга бастакы оскуоланы тутуспута.

Оҕолоругар бэйэтэ остуол, олоппос, ыскамыайка оҥортуура. Сиэннэригэр маhынан салааска оҥорбута. Эбэм аах наhаа үөрбүттэр этэ.

Хос-хос эhэм Василий Кириллович аҕыйах саҥалаах, ол гынан баран эппитэ барыта толоруллар этэ.

Сиэн уолаттар кини туйаҕын хатаран тутууга улэлии сылдьаллар.

 Ааптар: Н. Кондакова, 3В кылаас